Ытыктабыллаах Сахам сирин олохтоохторо, суруйааччылар, сурунулыыстар, бэчээт эйгэтин үлэһиттэрэ, ветераннара! Эһигини республикабытыгар быйыл аан бастаан бэлиэтэнэр Саха национальнай бэчээтин күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу дьыл олунньу 13 күнүгэр – төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев Ыйааҕынан от ыйын 1 күнүн Саха национальнай бэчээтин күнүнэн биллэрбитэ. От ыйын 1 күнэ саха бэчээтин историятын кытта быһаччы ситимнээх. 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Саха дойдута» диэн сахалыы бастакы хаһыат тахсыбыта. Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр, кини биир санаалаахтара көҕүлээн, үп-харчы кыттыһан, Петербурга бэчээттиир массыына, анал шрифт сакаастаан, оччотооҕу уобалас губернатора Иван Иванович Крафка «нууччалыы уонна сахалыы тылларынан тахсар хаһыат тэриллэрин утарбатын» туһунан сурукка илии баттатан, 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр (эргэ стилинэн) «Саха дойдута» диэн ааттаах сахалыы бастакы хаһыаты таһаарбыттара.
Сахалыы бастакы хаһыаттар, уонна эмиэ ити кэмҥэ, 1912-1913 сылларга тахса сылдьыбыт «Саха саҥата» диэн ааттаах сахалыы сурунаал өр сылларга умнууга, мэлдьэһиигэ сылдьыбыттара, саха норуота өрөбөлүүссүйэ иннинэ бэйэтэ бэчээтэ, суруга суоҕунан ааҕыллара. Сахалыы тыллаах хаһыат кэлин, 1921 сылга эрэ баар буолбута диэччилэр өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы бэчээт төрүттэммит сылынан 1921 сылы биллэттэрэргэ соруна сатаабыттара.
Ити алҕас, историяны токурута сатааһын көннөрүлүннэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев 1907 сыллаахха сахалыы тыллаах бастакы хаһыат тахсыбыт от ыйын 1 күнүн Саха сиригэр национальнай бэчээт күнүнэн биллэрэр туһунан ыйааҕа саха бэчээтин историятын чопчулааһыҥҥа сүрүн официальнай докумуон буолуоҕа. Саха норуота, Саха сиригэр олохтоох норуоттар бэйэлэрин туруорсууларынан өссө революция иннинэ төрөөбүт тылларынан хаһыат, сурунаал таһаарар буолбуттара, саха бэчээтэ ити кэмтэн саҕаламмыта диэн официальнайдык билинии уонна мэктиэлээһин. Биһиги бастакы суруйааччыларбыт А.Е. Кулаковскайтан-Өксөкүлээх Өлөксөйтөн саҕалаан, А.И. Софронов-Алампа, Е.М. Егасов, К.О. Гаврилов, Тааттаттан Оросиннар, Сунтаартан М.Н. Тимофеев-Терешкин, онтон да атыттар бастакы айымньылара 1907-1913 сылларга тахсыталаабыт «Саха дойдута», «Саха олоҕо» хаһыаттарга, «Саха саҥата» сурунаалга бэчээттэммиттэрэ, саха литературата үөскээн, сайдан барбыта.
Сахалыы национальнай бэчээт төрүттэниитэ Саха сирин хотугу төрүт олохтоох омуктара бэйэлэрин тылларынан хаһыат, сурунаал тэринэллэригэр холобур буолбута, бастакы олугу охсубута, кыах биэрбитэ.
Саха бастакы интеллигеннэрэ, үөрэхтээхтэрэ бастакы хаһыат, сурунаал көмөтүнэн үөрэҕи-билиини тарҕатарга, омук общественнай өйүн-санаатын, бэйэтин билиниитин олохсутарга, сайыннарарга, төрөөбүт норуоттарын дьалхааннаах кэлэр үйэҕэ бэлэмнииргэ дьулуспуттара. Бу соруктары толорорго сайдыылаах сурук-бичик, атын омуктартан, норуоттартан хаалсыбат литературнай тыл-өс биир сүрүн төһүү буолуохтааҕын кинилэр дьэҥкэтик өйдүүллэрэ уонна бэйэлэрин ахсаабат дьулуурдарынан, күлүмэх үлэлэринэн саха норуота үөрэхтээх, аныгылыы суруктаах-бичиктээх, сайдыылаах, литературнай тыллаах буоларыгар бигэ тулааһыны оҥорсубуттара.
Эһиэхэ бука барыгытыгар инники өттүгэр төрөөбүт тылбытын-өспүтүн, сурукпутун-бичикпитин харыстыырга, араҥаччылыырга, салгыы сайыннарарга анаммыт кэскиллээх үлэҕитигэр, тус олоххутугар ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарабын.
Александр Жирков, Ил Түмэн.
This post was published on 01.07.2020 16:03 16:03