«Оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр эйгэтэ тэриллиэхтээх» диэн бэрт сэргэх дьүүллэһии Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥтан киирээт, тохсунньу 12 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ, Саха парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Жирков тэрийбит мунньаҕар буолла.
Мунньахха Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, СӨ наукатын уонна үөрэҕин миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова, СӨ культуратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, СӨ ыччатын уонна социальнай коммуникациятын миниистирэ Петр Шамаев, СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды, СӨ инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга, информационнай технологияларга миниистирин солбуйааччы Георгий Андреев, ону таһынан “Айар” кинигэ кыһатын, “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа, Дьокуускай куорат уһуйааннарын, үөрэҕин тэрилтэлэрин салайааччылара уонна үлэһиттэрэ, Саха сиригэр оҕолорго аналлаах киинэ, сахалыы куукула оҥоруутунан дьарыктанар айар бөлөхтөр, биирдиилээн айар үлэһиттэр, суруналыыстар, ону таһынан улуустартан бэрэстэбиитэллэр, барыта 60-ча киһи кытынна.
Александр Жирков киирии тылыгар эппитин курдук, мунньах саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһигэр турбут этиилэри салгыы дьүүллэһии чэрчитинэн ыытылынна.
Дьүүллэһии саҕаланыытыгар министиэристибэлэр салайааччылара бу хайысхаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ туох үлэ барарын туһунан сиһилии кэпсээтилэр, ыйытыыларга хоруйдастыларю Мунньах кыттыылаахтара ордук чуолаан “Саха” НКИХ хас даҕаны анимационнай киинэни (ойуулуктары) сахалыы тылбаастаан тарҕатыытын уонна сахалыы тылынан итинник киинэлэри көрдөрүүгэ ылсан эрэрин ситиһии быһыытынан бэлиэтээтилэр. Маны сэргэ хас да айар бөлөх бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ бу хайысхаҕа үлэлэһэ сылдьалларын туһунан кэпсээтилэр. Сүрүн кыһалҕа – киинэлэри оҥорорго аналлаах площадка суоҕа, анал специалистар уонна үп-харчы тиийбэттэрэ ааттанна.
Сүбэлэһиигэ бэйэлэрин санааларын киинэ режиссера Алексей Романов, “Саха” НКИХ толоруулаах продюсера Дария Ермолаева, “Саха” НКИХ анимационнай киинэлэр тылбаастарын редактора Мария Менкярова, “Харысхал” аһымал фондатын иһинэн “Чудеса кино” инклюзивнай медиа-анимационнай студия салайааччыта Петр Николаев, “Академия будущего” дириэктэрэ Вячеслав Егоров, “ КиберСаха” уопсастыбаннай хамсааһын сүрүннээччитэ, СӨ Ил Дарханын иһинэн Тыл сүбэтин бастайааннай кэмитиэтин салайааччыта Николай Павлов-Халан, уо.д.а. эттилэр.
Сүбэлэһии түмүгүнэн Александр Жирков саха тылын учууталларын II сийиэһин кыттыылаахтарын этиитигэр олоҕуран сахалыы анимационнай киинэлэри (ойуулуктары) оҥорууну судаарыстыбаннай таһымҥа таһааран былааннаах үлэни саҕалыырга эттэ.
“Оҕо тылланарыттан саҕалаан салгыы сайдыытыгар олоччу тастан киирэр дьайыы, ол иһигэр куйаар ситимин сабыдыала күүһүрэн иһэр, — диэтэ Александр Жирков, — Онон, куйаар эйгэтин баһылыырга дьулуһуу – биһиги оҕолорбут инникитин туһугар туруулаһыы. Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев бэйэтин туһаайыытыгар эппит соругун толорорго биирдиилээн төрөппүттэртэн саҕалаан үөрэх тэрилтэлэрэ, уопсастыба, былаас түмсэн үлэлиэхтээхпит”.
Мунньахха бастакы боппуруоска маннык быһаарыы ылылынна:
1. Оҕо төрөөбүт тылынан анимационнай киинэлэри (ойуулуктары) таһаарыыны кэҥэтэргэ;
2. Оҕону төрөөбүт тылынан иитиигэ-үөрэтиигэ аналлаах атын даҕаны бородууксуйаны куйаар ситиминэн киэҥник тарҕатар суоллары булунарыгар СӨ наукатын уонна үөрэҕин министиэристибэтигэр уонна атын туһааннаах министиэристибэлэргэ, тэрилтэлэргэ этэргэ;
3. Атын омук тылларынан ойуулуктары тылбаастааһын суолтатын ыйан туран, оҕо төрөөбүт төрүт тылынан айымньыларга ордук улахан болҕомтону уонна өйөбүлү оҥорорго. Саха, хотугу норуоттар остуоруйаларыгар, олоҥхоҕо, фольклорга, олохтоох суруйааччылар айымньыларыгар олоҕурбут анимационнай үлэлэргэ анаан туспа өйөбүлү тэрийэргэ;
4. Төрөөбүт тылынан анимационнай киинэлэри (ойуулуктары) оҥоро айар бөлөхтөр түмсүүлэрин тэрийэргэ этии киллэрэргэ.
5. Оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр эйгэтин тэрийии туһунан кэпсэтиигэ иккис боппуруоһунан уһуйааннарга уонна кыра саастаах оҕолорго анаан сахалыы, хотулуу ис хоһоонноох куукулалары, оҥоһуктары тарҕатыы туһунан буолла.
Санатан эттэххэ, олоҥхо персонажтарынан айыллыбыт сахалыы куукулалар кэмпилиэктэрэ аан бастаан 2011 с. Өрөспүбүлүкэтээҕи Олоҥхо тэрийэр кэмитиэт Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков көҕүлээһининэн оҥоһуллубуттара. Анал куонкурус тэриллэн, олоҥхо хас биирдии персонаһыгар таҥаһа-саба бигэргэтиллэн, анал үп-харчы көрүллэн, оччолорго 1600 кэмпилиэк сахалыы куукула Кытайга оҥоһуллан кэлэн өрөспүүбүлүкэ уһуйааннарыгар тарҕаммыта. Сахалыы куукулалары оҥоруунан күүскэ дьарыктаныы ити тэрээһиннэр далааһыннарыттан саҕаламмыта.
Билигин Александр Жирков ити хамсааһыны сөргүтэргэ судаарыстыба өттүттэн өйөбүлү тэрийэргэ, олоҥхо персонажтарын сэргэ саха остуоруйаларыгар, үһүйээннэригэр, төрүт култууратыгар олоҕурбут куукула оҥоһуктары уһуйааннарга киэҥник тарҕатарга эттэ. Ити туһунан санааларын Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн коллеһын дириэктэрэ Елена Яковлева, С.А. Новгородов аатынан “Айар” кинигэ кыһатын методист-редактора Саргылана Константинова, “Цветик-семицветик” Дьокуускай куорат 23№-дээх оҕо саадын ыстаарсай иитээччитэ Лена Троева, “Симэх” Национальнай киин дириэктэрэ, СӨ куукуланан дьарыктанааччылар Сойуустарын салайааччыта Яна Игнатьева, о.д.а. эттилэр.
Түмүккэ мунньах кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох уус-уран айымньы, фольклор, олоҥхо сюжеттарынан айыллыбыт куукулалар хас да кэмпилиэктэрин эскизтэрин (анал куонкурус түмүгүнэн) бээлэмнииргэ уонна үүммүт 2023-24 үөрэх сылын аһарбакка өрөспүүбүлүкэ уһуйааннарыганр тарҕатар гына тэринэргэ диэн сүбэлэһэн тарҕастылар.
Мунньахха этиллибитин курдук, саха тылын учууталларын II сийиэһигэр туруоруллубут этиилэри тус хайысхаларынан түмэн дьүүллэһии салҕана туруоҕа, анал дьаһаллар ылыллыахтара.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
This post was published on 17.01.2023 15:28 15:28