Россия Федерациятын Президенин «Норуот уус-уран оҥоһуктарын күнүн туһунан» 2022 сыл бэс ыйын 17 күнүнээҕи Ыйааҕар олоҕуран Саха сиригэр быйыл бэс ыйын 5 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри норуот уус уран оҥоһуктарын күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол иһигэр норуот маастардарын оҥоһуктарын быыстапкалара, уустар, иистэнньэҥнэр күрэстэрэ, маастар-кылаастар ыытыллыахтара. Туймаада уонна Өймөкөөн улууһугар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахтарга кыл-сиэл оҥоһуктар куонкурустара, Тываттан уонна Алтайтан кыттыылаах ат симэҕэр аналлаах «Наследие предков» V-с эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бэстибээл буолуохтара.
Бэс ыйын 18 күнүгэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Россия Федерациятын норуот уус-уран оҥоһуктарын күнэ үөрүүлээхтик бэлиэтэннэ. Бу бэлиэ күнүнэн норуот талааннаахтарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков эҕэрдэлээтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бу сыл саҥатыгар бэлиэтэммитинэн 275 киһи “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара”, 606 киһи «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот уус уран оҥоһуктарын маастара» үрдүк ааттары сүгэр, норуот уус-уран оҥоһуктарыгар 47 урбаанньыт, 112 идэлээх дьон холбоһуктара регистрацияланан үлэлииллэр. Норуот уус-уран оҥоһуктарын харыстыыр, сөргүтэр, сайыннарар соруктаах 2023 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр норуот уус-уран оҥоһуктарын өйөөһүн судаарыстыбаннай Концепцията оҥоһуллубута.
Александр Жирков төрүт үгэстэри тутуһар норуот талааннаахтарын өрөспүүбүлүкэ салалтата өйүүргэ дьулуһарын туһунан анаан бэлиэтээтэ, Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕынан сэттэ олоҥхоһукка, сэттэ оһуохайдьыкка, сэттэ ууска Ил Дархан анал истипиэндийэлэрэ олохтонно. Ити дьаһалы эбии кэҥэтэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана 2023 сылтан аны сэттэ норуот маастарыгар – иистэнньэҥнэргэ, онтон да атын дьарыктаахтарга истипиэндийэ олохтуур туһунан дьаһала таҕыста.
Саха парламенын бастакы вице-спикерэ бэйэтин этиитигэр ноуот маастардарын иннигэр омук төрүт үгэстэрин харыстаһар, тарҕатар улахан суолталаах сорук турарын бэлиэтээтэ. “Билиҥҥи кэмҥэ, — диэтэ кини, — омук төрүт үгэһэ, култуурата атын омуктар сабыдыалларыгар оҕустаран уларыйар, суураллар, ол эбэтэр норуот дьиҥ үгэһэ буолан бүтэр куттала улаатан иһэр. Эһиги, норуот маастардара ол дьаллыкка ылларан сыыстарар, атын омуктар үгэстэрин үтүктэр буолан бардаххытына норуот эмиэ сыыстарыан, атын үгэһи миэнэ диэн үтүктэргэ көһүөн сөп. Онон эһиги итиннэ олус чэнчис, кыраҕы буолуохтааххыт. ”
Александр Николаевич норуот маастардарыгар төрүт үгэстэри сайыннарыыга айымньылаах үлэни баҕарда.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Россия Федерациятын норуот уус уран оҥоһуктарын күнүнэн Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министрин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, СӨ уус уран оҥоһуктарын Палататын Бэрэссэдээтээлэ Александр Гоголев, СӨ Хотугу төрүт олохтоох омуктар Ассоциацияларын вице-президенэ Вячеслав Шадрин, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Розалия Колосова о.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Бастыҥ үлэлээх маастардар туһааннаах тэрилтэлэр анал бэлиэлэринэн, Бочуоттаах грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.
Норуот уус-уран оҥоһуктарын күнүгэр аналлаах тэрээһини биллииллээх ырыаһыттар Зинаида Колодезникова, Саарын, Эрхаан о.д.а. кэрэ ырыаларынан киэргэттилэр. Үөрүүлээх түһүлгэ «Халадаайга сайын дьэрэкээн өҥө» флеш-мобунан түмүктэннэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
This post was published on 21.06.2023 16:33 16:33