Бүгүн биллиилээх уус, саха фольклорун хомуйааччы, төрүт үгэстэрин үйэтитээччи, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус 75 сааһын туолла.
Борис Федорович төрөөбүт күнүн айар үлэ үөһүгэр көрсөр. Аҕыйах хонуктааҕыта Таатта Баайаҕатыгар Мандар ыра санаатынан, кини ыҥырыытынан-сүбэтинэн саҕаламмыт, саха үгэһинэн оҥоһуллубут Аан ураһа аһылынна. Эмиэ Мандар Уус көҕүлээһининэн Баайаҕа Томторугар саха тимиртэн оҥоһуктарын – туттар сэбин-сэбиргэлин түмэлэ-музейа тэриллэр. Үгүс саха уустара бэйэлэрин дириҥник ытыктыыр киһилэрин – Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус сүбэтинэн-салайыытынан үлэлииллэр. Сайын аайы өрөрспүүбүлүкэ улуустарыттан баҕалаах, дьоҕурдаах оҕолор кэлэннэр Мандар кыһатыгар үөрэнэллэр.
Б.Ф. Неустроевы-Мандар Ууһу бэлиэ төрөөбүт күнүнэн Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков эҕэрдэлээтэ.
Александр Николаевич эҕэрдэтин Мандар Ууска уонна киниэхэ үгүс сылларга өйөбүл, тирэх буолар дьоҥҥо-сэргэҕэ барыларыгар анаата. Кини Борис Федорович кэргэнин, олоҕун аргыһын Федора Борисовнаҕа, Баайаҕа нэһилиэгин баһылыгар Роман Романовичка, Мандар Уус арахсыспат доҕоругар уонна көмөлөһөөччүтүгэр, биир идэлээҕэр, биир санаалааҕар биллиилээх уус, фольклорист Николай Егоровка-Баайаҕыыҥҥа махталын тириэртэ. Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Мандар Ууска уһун, айымньылаах олоҕу, ыра санаалара туолалларын туһугар дьон-сэргэ үтүө санаатын, өйөбүлүн баҕарда.
Мандар Уус – саха дьоно-сэргэтэ туох да эҕилэ-тэгилэ суох ытыктыыр, ылынар, хараанныыр киһилэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин дьокутааттара, Ил Түмэн аппараатын бары үлэһиттэрэ бастакы вице-спикер Александр Жирков эҕэрдэ, алгыс тылларыгар холбоһоллор.
This post was published on 20.10.2020 14:22 14:22