Александр Жирков: “Үлэҥ оҥорбут дьыалаҕынан сыаналаныаҕа”

Бу күннэргэ парламент араас таһымнаах мунньахтарыгар Андрей Владимирович Тарасенко кандидатурата көрүлүннэ уонна өйөбүлү ылла. Кини СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн ананна. 


Ил Түмэн XXVI уочараттаах пленарнай муннньаҕар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар А.В. Тарасенко кандидатуратын өрөспүүбүлүкэ баһылыгар сөбүлэҥи биэрэр боппуруоcка Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков тыл эттэ:

— Билигин өрөспүүбүлүкэ салалтатын, бырабыыталыстыба, барыбыт иннибитигэр үс сүрүн сорук турар: бастакынан — дьон-сэргэ дьадайыытын тохтотуу ордук тыа сиригэр; иккиһинэн, саха дойдутун сирэ-уота, айылҕата чөл хааларын, бөҕө харысхаллаах буолуутун хааччыйыы; үсүһүнэн манна олохтоох, төрүт омуктар омук быһыытынан чөл буолалларын ситиһии – төрөөбүт тылларын, култуураларын, үөрэхтэрин олоччу киллэрэн туран. Бу судургу соруктар буолбатахтар.

Сатаан дьаһанар инниттэн баар бырагыраамаларга, ирдэбиллэргэ эрэ сигэммэккэ, сүрүн хайыскалары сөпкө тутан, соһон таһаарыы ирдэнэр.

Бырабыыталыстыба салалтата ити туһугар манна уонна федерация таһымыгар күүскэ үлэлэһэрэ ирдэнэр.

Биһиги бүгүн эн кандидатураҕын өйүөхпүт. Эйигин өйөөһүн  биһиги өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын этиитин ылыныы, кинини өйөөһүн буолар. Эйиэхэ түбүктээх үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын. Тус бэйэҥ үлэҕинэн Ил Дархан, парламент итэҕэлин толуйуох, саха норуотун кэтэһиитин толоруох кэриҥнээххин. Кэнэҕэс эн тускунан Саха сиригэр, саха дьонугар үтүө өйдөбүл хаалыан баҕарабын.

This post was published on 16.11.2020 16:01 16:01