Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Владимир Васильевы кытта көрүстэ. Өрүттэр кэпсэтиилэригэр кыттыгас өлүүлээх тутууга албыннаппыт дьон кыһалҕалара эмиэ таарылынна.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков бу ый 18 күнүгэр Москва куоракка «2018 сылга уонна 2019 уонна 2020 сыллардааҕы былааннаммыт кэмҥэ бюджет, түһээн уонна таможня-тарыып бэлиитикэтин хайысхатын төрүттэрэ» тиэмэҕэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр кыттыыны ылла.
Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уонна «Хамсаабат баайы-дуолу судаарыстыбаннай регистрациялааһын туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр туһунан» сокуон барыла Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатыгар иккис ааҕыыга көрүллүөн иннинэ «Биир ньыгыл Россия» Бүтүн Россиятааҕы политическай партия парламеннааҕы фракциятын салайааччытын, Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Владимир Васильевы кытта көрүстэ.
2017 сыл от ыйын 14 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дума «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уонна «Хамсаабат баайы-дуолу судаарыстыбаннай регистрациялааһын туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр туһунан» сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыммыта. Сокуон барылыгар ылыныллыбыт көннөрүүлэр истэригэр бултуур сиргэ-уокка сир учаастагын биэрии боппуруоһугар сыһыаннаах көннөрүү эмиэ киирдэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин отутус (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ дьокутааттара бултуур сиргэ-уокка сир учаастагын биэриини утаралларын биллэрбиттэрэ. Федеральнай сокуон барылын көрүү түмүгүнэн дьокутааттар Судаарыстыбаннай Думаҕа «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уонна «Хамсаабат баайы-дуолу судаарыстыбаннай регистрациялааһын туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр туһунан» 188813-7 №-дээх федеральнай сокуон барылын төттөрү ыҥырар туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уурааҕын ылынан ыыппыттара.
Саха сирин парламентарийдара бэлиэтээбиттэринэн, федеральнай сокуон барылын 1 ыстатыйатын 5 пуунугар олоҕуран «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» 2016 сыл ыам ыйын 1 күнүнээҕи ФС-119 №-дээх Федеральнай сокуон 7 ыстатыйатын 16 пуунун саҥалыы эрэдээксийэлээн биэрэргэ этиллэр. Онуоха бу сир учаастагар булт объегын тутуу бултуур сир-уот чэрчитигэр сир учаастагын гражданиҥҥа босхо туһаныыга биэриини аккаастыырга төрүт буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 365 булдунан дьарыктанааччы баарыттан 362-тэ хамсаабат баай-дуол Уопсай судаарыстыбаннай реестрыгар регистрацияламматах уонна аһаҕас кадастр картатыгар көрдөрүллүбэтэх бултуур сиргэ уһун болдьохтоох лицензиянан бултууллар. Маннык быһыы-майгы сир уонна ойуур учаастагын лицензияҕа олоҕуран түүлэһии сокуонунан көрүллүбэтэх буолан үөскүүр. Ону таһынан, урут бэриллибит уһун болдьохтоох булт лицензиятын булт сөбүлэһиитигэр уларытыы Россия Федерациятын Конституционнай Суутун 2015 сыл бэс ыйын 25 күнүнээҕи 17-П №-дээх уурааҕынан күн бүгүҥҥэ диэри бобуулаах буолан, ойуур учаастагын түүлэһии дуогабара кыайан түһэрсиллибэт.
ФС-119 №-дээх Федеральнай сокуон 7 ыстатыйатын 16 пуунун саҥа эрэдээксийэтин быһыытынан булдунан дьарыктанааччылар бултуур сирдэригэр-уоттарыгар гражданнарга сир учаастагын хайдах баҕарар көрүҥүнэн туһаналларыгар көҥүл бэриллэр. Саха сирин дьокутааттара ону булдунан дьарыктанааччылар бырааптарын хааччахтыырынан уонна федеральнай сокуоннарга сөп түбэспэтинэн ааҕаллар.
Бу сокуон барыла Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Думатыгар регионнар парламеннарын «каникулларын» кэмигэр тиэтэлинэн көрүллэн эрэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Маннык тиэтэйии субъектар, бэйэлэрин тустарын аахсан туран, сөптөөх көннөрүүнү уонна уларытыыны ымпыктаан-чымпыктаан оҥороллоругар уонна Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕар тус санааларын туруулаһалларыгар кыаҕы биэрбэт диэн бэлиэтиир Александр Жирков.
Госдума Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владимир Васильевы кытта кэпсэтиигэ кыттыгас өлүүлээх тутууга албыннаппыт дьон кыһалҕалара эмиэ таарылынна.
От ыйын 3 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин «Элбэх квартиралаах дьиэлэри уонна хамсаабат баай-дуол атын объектарын кыттыгас өлүүлээх тутууга кыттыы туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрии туһунан» Федеральнай Сокуоҥҥа уларытыы киллэрии туһунан» федеральнай сокуон барылын иккис ааҕыыга бэлэмнээһиҥҥэ кыттыгас өлүүлээх тутууга кыттааччылар бырааптарын уонна интэриэстэрин сокуонунан көмүскүүр көдьүүстээх ньыманы тобулуу боппуруоһугар ыытыллыбыт парламент истиилэригэр: «Биһиги бэйэлэрин сүрүннэнэр тэрилтэлэргэ сорох боломуочуйаны биэрэн хонтуруолу сүтэрдибит, ити хонтуруол сөргүтүллүөх тустаах», – диэн бэлиэтээн туран, Судаарыстыбаннай Дума вице-спикерэ Владимир Васильев салалтатынан үлэлиир бөлөҕү тэрийэргэ сорудахтаабыта уонна регионнар парламеннара албыннаппыт дьон боппуруостарын сирийэн көрөллөрүгэр уонна дьүүллэһэллэригэр этии киллэрбитэ.
Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Россия парламенын вице-спикерин Владимир Васильевы кытта көрсүһүүтүгэр Саха сиригэр албыннаппыт дьон боппуруостарын сүнньүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин иһинэн үлэлиир бөлөҕү тэрийэргэ быһаарыы ылылынна.
Александр Жирков бу бөлөххө ситэриилээх былаас, сокуону оҥорор былаас, тутааччылар, сакаасчыттар уонна өрөспүүбүлүкэ общественноһа киириэхтээхтэр, итиэннэ тустаах боппуруос бары өттүттэн дириҥник ырытыллан быһаарыллыахтааҕын уонна федеральнай бюджет үбүттэн тахсыа суохтааҕын тоһоҕолоон эттэ.
Бу көрсүһүү түмүгүнэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков от ыйын 20 күнүгэр Саха сирин парламеныгар аһаҕас истиини ыытарга сорудахтаата.
Ону таһынан, Александр Жирков Судаарыстыбаннай Дума дьокутаатын Галина Данчикованы кытта көрсөн Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуону оҥорууга көҕүлээһиннэрин Судаарыстыбаннай Дума көрүүтүгэр аһарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Онуоха Александр Николаевич Уһук Илиҥҥи уонна Арктикатааҕы регионнар сокуону оҥорор уорганнара сомоҕолоһон, түмсүүлээхтик үлэлииллэрин ситиһиигэ сүрүн болҕомтону уурарга сүбэлээтэ.
This post was published on 19.07.2017 12:23 12:23