19 Балаҕан ыйа 19.09
  • $ 91,67
  • 102,04

Александр Жирков Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү салалтатын кытта көрүстэ

10:59, 07 сентября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Александр Жирков Кыргызстан киин куоратыгар Максим Аммосовка аналлаах үбүлүөйдээх дьаһаллары Саха сиригэр уонна Кыргызстаҥҥа тэрийэр туһунан Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү салалтатын кытта кэпсэттэ.


2017 сылга уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, саха норуотун чулуу уола, Саха сирин уонна Кыргызстан судаарыстыбаннастарын төрүттэспит Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 120 сыла өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэ. Эһиилги үбүлүөйү ыытыыга бэлэмнэнии 2015 сылтан саҕаламмыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов 2016 сыл тохсунньу 22 к. дьаһалынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэллэрэ салалталаах тэрийэр кэмитиэт үлэлиир.

Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр икки күн устата сылдьарыгар Ил Түмэн спикерэ Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Сооронбай Жээнбековтыын, Кыргызстан Бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Гульмира Кудайбердиевалыын уонна Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Парламенын бэрэссэдээтэлэ – бу дуоһунаска саҥардыы талыллыбыт Чыныбай Турсунбековтыын көрүстэ. Александр Жирков Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү салалтатын кытта М.К.Аммосов төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах икки өрүттээх тэрээһиннэр туһунан, ол иһигэр 2017 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын күннэрин тэрийэн ыытыы, онно бэлэмнэниини туһунан дьүүллэстэ.

Ил Түмэн спикерин Александр Жирков этии киллэриитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын күннэрин бырагырааматыгар кыргыз киинэтин декадата ыытыллыаҕа, Кыргызстан худуоһунньуктарын быыстапката тэриллиэҕэ, кыргыз суруйааччыларын, драматурдарын айымньыларынан испэктээкиллэр туруоруллуохтара, онтон да атын дьаһаллар ылыллыахтара.

Икки өттүттэн сөбүлэһии быһыытынан кыргыз суруйааччыларын айымньыларын тылбааһын кинигэтэ бэлэмнэнэр. Бу туһунан Александр Жирков Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Кыргызстан Геройа Бексултан Жакиевы, Кыргызстан парламенын социальнай боппуруостарга, үөрэхтээһиҥҥэ, наукаҕа, култуураҕа, доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Садык Шер-Нияһы уонна Кыргызстан Кинематографистарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Таалайбек Кулмендеевы кытта көрсүһүүтүгэр кэпсэттэ. Саха сиригэр Александр Жирков салайааччылаах редакционнай сэбиэт үлэлиэҕэ.

Санатан эттэххэ, лоп курдук үйэ аҥара анараа өттүгэр, 1966 сыллаахха Саха сиригэр Киргизия суруйааччыларын улахан делегацията кэлэ сылдьыбыта. Кыргыз доҕотторо кэлиилэригэр саха суруйааччылара Чингиз Айтматов бастыҥ айымньыларын тылбааһын «Тэбиэн хараҕа» диэн хомуурунньукка түмэн таһаарбыттара. Бу хомуурунньукка кыргыз литературатын классигын «Тэбиэн хараҕа», «Джамиля», «Маҥнайгы учуутал», «Ийэ сир» диэн айымньыларын оччотооҕуга саха суруйааччылара Николай Кондаков, Дмитрий Кириллин, Василий Гольдеров, учуонай Петр Афанасьев сахалыы тылбаастаабыттара. Кэлэр сылга улуу гуманист-суруйааччы Чингиз Айтматов бу кинигэтэ хаттаан таһаарыллыаҕа.

Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин салалтата кыргыз норуотун судаарыстыбаннаһын төрүттэниитигэр саха норуотун чулуу уола умнуллубат өҥөлөөҕүн бэлиэтээн туран, Максим Аммосов төрөөбүтэ 120 сылын кыттыһан тэрийэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ киллэрбит этиилэрин өйүүрүн биллэрдэ. Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ уонна Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин парламенын бэрэссэдээтэлэ Ил Түмэн спикериттэн Саха сирин бары олохтоохторугар итии-истиҥ эҕэрдэ тылларын, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ мэлдьи чэлгийэ сайда турарыгар баҕаларын уонна II Аан дойдутааҕы көс омуктар оонньууларыгар Саха сирин спортсменнара көхтөөхтүк, ситиһиилээхтик кыттыбыттарын иһин махталларын тиэрдэригэр көрдөстүлэр.

М.К.Аммосов төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах Саха сиригэр Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын күннэрэ эһиил, 2017 сыл сайыныгар ыытыллыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА