23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Александр Жирков: Ини-бии Даниловтар саха литературатын сайдыытыгар улахан өҥөлөөхтөр

15:54, 23 апреля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков муус устар 21 күнүгэр Дьокуускай куоракка саха норуодунай поэта Семен Данилов төрөөбүтэ 100, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов төрөөбүтэ 95 сылларын бэлиэтиир уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕар кытынна.


Бу күн биир ыалтан үүнэн тахсыбыт саха норуодунай поэта уонна саха норуодунай суруйааччыта, Максим Горькай аатынан Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаттара Семен уонна Софрон Даниловтар олорбут Ленин проспегын 36 №-дээх дьиэлэригэр ини-бии Даниловтар сквердэрин тутууну саҕалааһыҥҥа анаммыт тэрээһин буолла.

 П.А Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар ыытыллыбыт дьоро киэһэҕэ кэлбит ыалдьыттары Горнай улууһун «Кылыһах» норуодунай инструменнар оркестрдара Семен Данилов хоһоонноругар суруллубут ырыалар матыыптарын оонньоон көрсүбүтэ, Саха театрын артыыстара норуодунай поэт хоһооннорун иэйиилээхтик аахпыттара дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтө.
Ини-бии Даниловтар олохторун, айар үлэлэрин сиһилии кэпсиир баай ис хоһоонноох быыстапка тэрээһин кыттыылаахтарын болҕомтолорун тарта.
 
Саха норуодунай поэта Семен Данилов, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов литература,  өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын сырдатар дакылааты Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай поэта, Ил Дархан сүбэһитэ Наталья Харлампьева оҥордо.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Семен Петрович уонна Софрон Петрович Даниловтар биир дойдулаахтарын, аймахтарын, чугас дьонун, үөлээннээхтэрин, кинилэр талааннарыгар сүгүрүйээччилэри, дьоро киэһэ бары кыттыылаахтарын  Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Ил Түмэнин аатыттан  эҕэрдэлээтэ.
Ил Түмэн спикерэ ини-биилэр литература, айар үлэ эйгэтин тутуһалларыгар убай киһи быһыытынан Семен Петрович быраатыгар сабыдыала улаханын, Софрон Петрович убайа тэлбит суолун дьоһуннук салҕаабытын бэлиэтээтэ.
Александр Жирков Даниловтар саха литературатыгар, тыл эйгэтигэр биллэр суолу-ииһи хаалларбыттарын, холбоон 32 сыл устата Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайбыттарын, ону саха норуота умнубатын, ытыктыырын, суолта биэрэрин аҕынна.
«Даниловтар саха үһүс көлүөнэ интеллигенцията буолалларын быһыытынан, айар үлэлэрин чыпчаала ХХ үйэ 50-60-70 сылларга сөп түбэһэр. Бүтүн дойду үрдүнэн 50-60-с сыллардааҕы уопсастыбаннай олоххо сымнааһын көҥүл тыыннах айымньыга кыах биэрбит кэмин туох-ханнык иннинэ бастаан Семен Петрович Данилов сөпкө таба туһаммыта диэн билигин сыаналыыллар уонна ол сөптөөх. Бэйэтэ Литературнай институкка бииргэ үөрэммит доҕотторугар тирэҕирэн уонна айылҕаттан ылбаҕай, дьоҥҥо-сэргэҕэ ураты чугас киһи буолан, атын омуктар литератураларын кытта  сибээһи күүскэ олохтоон, саха литературатын киэҥ эйгэҕэ түргэнник таһаарбыта. Бу суруйааччылары түмэр айар сойууһу салайа сылдьар киһиттэн бэйэтиттэн туох да сүрдээх улахан тэрийэр дьоҕуру, кыаҕы ирдээбитэ. Ону Семен Петрович Данилов чиэстээхтик толорбут киһи буолар»,- диэн кини эттэ.
Семен Данилов Давид Кугультинов, Мустай Карим, Расул Гамзатов курдук оччолорго национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ Суруйааччылар сойуустарын  салайар дьону кытта доҕордоһон, биир санаанан үлэлээбиттэрэ. Кини Саха сиригэр национальнай литература күннэрин  ыытыыны, суруйааччылар айымньыларын хардарыта тылбаастааһыны сүрүннээбитэ. Биир холобурга көрдөххө, Семен Петрович 1966 сыллаахха Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 70 сыллаах үбүлүөйүнэн Киргизия суруйааччыларын  күнүн Саха сиригэр ыытан турар. Онно, кыргызтар суруйааччыларын улахан бөлөҕө кэлиитигэр, Семен Петрович, Иван Федосеев-Доосо буолан сүбэлэһэн, оччолорго  эдэр, саҥа тахсан эрэр суруйааччы, ол эрээри номнуо Ленинскэй бириэмийэни ылбыт Чингиз Айтматов бастыҥ айымньыларын: «Джамиля», «Бастакы учуутал», «Ийэ сир», «Тэбиэн хараҕа» тылбаастаан, туспа хомуурунньугунан бэчээттэппиттэрэ.
Ил Тумэн спикерэ Семен Петрович уонна Софрон Петрович Даниловтар саха фольклорун, олоҥхону киэҥник тарҕатыыга оҥорбут үтүөлэрин бэлиэтээтэ. Кинилэр тэрээһиннэринэн, Владимир Васильевич Державин ылынан, Иннокентий Васильевич Пухов киниэхэ сүбэһит эрэ буолбакка, тылбааһыгар көмөлөһөн, 60-с сс. саҕаланыыларыгарСерафим Романович Кулачиковтаах оҥорбут тылбаастарын чочуйан, 1975 cыллаахха «Ньургун Боотур» олоҥхо классическай тылбааһа тахсыбыта.
«Семен Петрович Данилов өссө биир улахан үлэтэ — аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар суруйааччыларын айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһаарыыны иилээһин-саҕалааһын. Үгүстэр өйдүүр буолуохтааххыт, 70-c cc. бүтүүлэрин — 80-c cc саҕаланыыларын диэки, Саха сиригэр аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар литератордара түмсүбүттэрэ. Григорий Ходжер, Андрей Пассар, Владимир Санги уо.д.а. кэлэннэр, улахан көрсүһүүлэр буолбуттара, кинилэр айымньылара сахалыы тылбаастаммыттара. Ону таһынан Василий Лебедев, Платон Ламутскай, Николай Тарабукин, Семен Курилов айымньылара барыта саха тылынан тахсарыгар Семен Данилов күүс-көмө буолбута. 1966 cыллаахха юкагир бастакы суруйааччыта Николай Иванович Спиридонов-Тэки Одулок «Улахан Имтеургун олоҕо” айымньытын Михаил Дьячковскай тылбаастаан, саха дьоно бэйэтин тылынан аҕыйах ахсааннаах омук айымньытын ааҕар кыахтанарыгар улахан хардыы буолбута», — диэнАлександр Николаевич санатта.
Суруйааччылар, поэттар ааттара норуокка ордук ытыктабыллаахтык, дорҕоонноохтук иһиллэр буолуутугар 1964 cыллаахха саха норуодунай суруйааччытын, поэтын аата олохтонуута Семен Данилов туруорсуутунан ситиһиллибитэ. Ол түмүгэр биһиги литературабыт классиктара,  оччолорго айа, үлэлии сылдьар С.Р. Кулачиков — Эллэй, Н.Е.Мординов — Амма Аччыгыйа, Д.К.Сивцев — Суорун Омолоон, В.М.Новиков — Күннүк Уурастыырап Н.Е.Золотарев — Николай Якутскай, И.М. Гоголев — Кындыл, уо.д.а. саха норуоднай поэттарын, суруйааччыларын аатын сүкпүттэрэ. 1966 cыллаахха П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтоммута эмиэ Семен Петрович Даниловүлэтин кытта быһаччы ситимнээх.
«Семен Петрович, Софрон Петрович иккиэн дэгиттэр талааннаахтар. Семен Петрович аан бастаан прозаиктан саҕалаан баран, кэнники биһиги кинини улахан поэт быһыытынан ылынабыт. Софрон Петрович төттөрүтүн аан бастаан хоһоонньут быһыытынан саҕалаан иһэн, онтон кэлин прозаҕа киирэн, «Сүрэх тэбэрин тухары», «Барымаҥ дуу, кубалар» уо.д.а. өйгө-сүрэххэ хаалар бөдөҥ айымньылары суруйан хаалларбыта. Кинилэр аҥардас айар үлэлэринэн дьоҥҥо-сэргэҕэ ааттарын ааттаппыт дьон эрэ буолбакка, саха литературата сайдарыгар, атын омуктарга, киэҥник биллэригэр, суруйааччыларбытыгар, поэттарбытыгар бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар ытыктабыллаах сыһыан олохтоноругар тугунан да кэмнэммэт улахан үтүөнү оҥорбуттара», — диэн эттэ Саха сирин парламенын Бэрэссэдээтэлэ.
Александр Жирков тэрээһин кыттыылаахтарыгар норуодунай суруйааччы Семен Титович Руфов баҕа санаатын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, Горнайтан саҕалаан, ыаллыы улуустарынан 10 норуодунай суруйааччы, поэт баар: Горнай улууһугар – С.И.Тарасов, Сем.П.Данилов уонна С.П.Данилов. Үөһээ Бүлүүгэ — М.А.Тимофеев, Н.Г.Золотарев, П.Н.Тобуруокап, С.Т.Руфов, В.Т.Сивцев, Бүлүүгэ – И.М. Гоголев, Сунтаарга — Л.А.Попов.  Олор түөлбэлэринэн «Литературнай ыллык» оҥоруохха наада диэн санаалааҕа Семен Титович. «Ол баҕа санаа олоххо киириэхтээх. Соторутааҕыта ити туһунан кэпсэтии Култуура уонна духуобунас, Үөрэх уонна наука министиэристибэлэрин таһымыгар буолла. Быйыл сэтинньигэ П.Н.Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылын, С.Т.Руфов төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиэхпит. «Литературнай ыллык» саха литературатын, поэзиятын классиктара, үрдүк чыпчаалын тута сылдьыбыт дьон холобуругар  ыччаты иитиигэ сөптөөх хайысха буолуо этэ»,- диэн Александр Николаевич санаатын үллэһиннэ.
 
Ил Түмэн спикерэ мустубут дьоҥҥо дьолу-соргуну, үлэлэригэр, үөрэхтэригэр, айар үлэлэригэр ситиһиини, этэҥҥэ буолууну баҕарда.
 
Александр Жирков Ил Түмэн Бочуотунай Грамотатынан  Софрон Петрович огдообото, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Мария Егоровна Данилова наҕараадаламмытын, кыыһа М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, философскай наука доктора Вера Софроновна Даниловаҕатуттарда.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махталынан РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Мария Николаевна Лукина, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругунан Семен Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын дириэктэрэ, улуус Сэбиэтин дьокутаатаМаргарита Гаврильевна Константинова наҕараадаланнылар.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА