Сайыҥҥы уһун өрөбүллэр кэнниллэриттэн Госдума дьокутааттара балаҕан ыйын 13 күнүгэр бастакы пленарнай мунньахтарыгар муһуннулар. Бу күн барыта 50 боппуруос көрүлүннэ.
Пленарнай мунньах кэмигэр үгэс быһыытынан федеральнай миниистирдэр кыттыыны ылаллар. Бу сырыыга «Бырабыыталыстыба чааһыгар» РФ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Ткачев сүрүн дакылааты оҥордо. Кини дойдуга тыа хаһаайыстыбатыгар билигин хомуур хампаанньата барарын туһунан иһитиннэрии оҥордо. Итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын ырыынагын сүрүнээһиҥҥэ көрүллэр судаарыстыбаннай бырагырааманан 2016 сыллаахха туох үлэ ыытыллыбытын отчуоттаата.
Госдума бастакы мунньаҕар ыытыллыбыт «Бырабыыталыстыбаннай чааска» Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков кытынна. Александр Николаевич Москваҕа Госдума кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ, Федерация сэбиэтин чилиэннэрин кытта көрүстэ. Александр Жирков бу көрсүһүүлэргэ чуолаан «Любительскай балыктааһын туһунан», «Уһук Илиҥҥи гектар туһунан», «Мамонт фаунатын ресурсатын Россия ураты айылҕа баайын быһыытынан табыгастаахтык туһаныы туһунан» федеральнай сокуоннар барылларыгар уларытыылары киллэриигэ Ил Түмэн туруорсууларын тириэртэ.
Ил Түмэн «Любительскай балыктааһын туһунан» федеральнай сокуон барыла Госдумаҕа хара маҥнай киириэҕиттэн үлэлэһэр, өрөспүүбүлүкэ бу барылга бэйэтин этиилэрин киллэрбитэ. Ол курдук Саха сирэ Хоту, Уһук Илин, Сибиир балыктанар уулаах сирдэригэр ойоҕос дьарыгырааччылар илими тутталларын көҥүллээһини, итинник балыктааһыҥҥа аналлаах быраабыла субъект үрдүкү былааһын кытта сөбүлэһиннэриллиэхтээҕин, балыктааһыҥҥа көҥүлү биэрэр боломуочуйаны регион таһымыгар биэриини туруорсар.
«Уһук Илиҥҥи гектар туһунан» федеральнай сокуонҥа кэнники уларытыылар сир учаастагын ыларга гражданнар сайаапканы киллэриилэрин уонна сайаапканы туһааннаах уорганнар көрөр бэрээдэктэрин чопчулаатылар, сокуон дьайыытыгар киирэр сири-уоту кэҥэттилэр. Ил Түмэн бу дьыл от ыйын 5 күнүгэр уларытыыларга сыанабылын дойду парламеныгар ыыппытын, Госдумаҕа көрдүлэр. Сокуонҥа киирбит уларыйыылар Саха сирин туруорсуутун сүнньүнэн учуоттууллар. Ол курдук субъект ситэриилээх былааһын уоргана бу сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри сокуон дьайыытыгар киирбэт, дьоҥҥо босхо бэриллибэт бултанар сирдэрин дьэҥкэтик быһаарыахтаах.
Маны тэҥэ «Сир аннынааҕы баай туһунан» федеральнай сокуон сэлии муоһун туһаҕа таһаарыыны сүрүннээбэтинэн, Ил Түмэн ити ураты айылҕа ресурсатын табыгастаахтык туттууга туһуламмыт федеральнай сокуон барылын оҥорон, ылынары туруорсар. Маныаха сэлии муоһун сир баайын быһыытынан хостоммото, дэҥҥэ көстөр айылҕа баайын быһыытынан хомуйуллара төрүөт буолар.