Александр Жирков Госдума депутата Сергей Боярскайы кытта көрүстэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков кулун тутар 10 күнүгэр Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай Дууматын экологияҕа уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Боярскайы кытта көрүстэ.


Көрсүһүүгэ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев, сис кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ Владимир Прокопьев, Антонина Григорьева кытыннылар.

Александр Жирков Госдума депутатыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит айылҕатын уратытын, экология туругун, социальнай-экономическай көрдөрүүтүн, дьон олоҕун-дьаһаҕын туһунан кэпсээтэ.

Ол кэннэ спикер федеральнай былааһы кытта үлэ ис хоһоонун билиһиннэрдэ. Ахсынньыга Федерация Сэбиэтигэр өрөспүүбүлүкэ парламена уонна правительствота «Субъект чааһын” ыыппыттарын, ол түмүгүнэн Федерация Сэбиэтэ Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар уураах ылыммытын, билигин бу уурааҕы олоххо киллэриигэ үлэ барарын эттэ.

Сирэ-уота киэҥинэн, айылҕатын баайын арааһынан Саха сиригэр тэҥнээх субъект Россияҕа суох. Ол иһин бу эйгэҕэ үөскүүр боппуруос үгүс. Маныаха биһиги өрөспүүбүлүкэбит экологияҕа, арктическай зонаны баһылааһыҥҥа мунньубут уопутун дойдуга, ону таһынан аан дойду таһымыгар дьүүллэһиэххэ, тарҕатыахха сөбүн эттэ. Госдума научнай-технологическай экспертизаны ыытыыга, ирбэт тоҥ, мамонт фаунатын боппуруостарыгар норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыактары хамсатыан сөп.

Көрсүһүү кыттыылаахтара федеральнай таһымҥа сокуоннары оҥоруу туһунан кэпсэттилэр. Муус устарга Ил Түмэн Госдумаҕа хас да сокуон барылын киллэриэҕэ. Саха сирин аарыма сирдээх-уоттаах эрэ курдук буолбакка, Байкал регионун экологиятын туругун кытта ситимнээн көрүллүөхтээҕин Александр Жирков ыйда. Ону ааһан Сибиир үс улуу өрүһэ — Обь, Енисей, Өлүөнэ экологияларыгар биир кэлим көрүү эмиэ тирээн кэлиэҕэ, диэтэ Ил Түмэн спикерэ. Федерация Сэбиэтигэр соторутааҕыта Уһук Илин боппуруостарын быһаарыыга Сэбиэт тэрилиннэ. Бу боппуруостары хамсатыыга Госдума экологияҕа уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин кытта бииргэ үлэлээһин оруола улаатыахтаах.

«Россия бэйэтин экологическай көрүүлэрин аан дойду таһымыгар таһаарыахтаах. Ол инниттэн бастаан бэйэбитигэр айылҕабытын харыстааһын, сатаан туһаныы сокуонунан бэрээдэктэниэхтээх», — диэтэ Александр Жирков.

Госдума кэмитиэтэ сайын Байкал экологиятыгар үлэлэһиэхтээҕин иһитиннэрдэ. Итиннэ майгынныыр бырайыак Волга өрүс экологиятыгар киириэхтээх. «Саха сирин парламена бэлэмнээбит сокуоннарын барылларын үөрэттим. Эһиги туруорар боппуруостаргытыгар сытыы кыһалҕалары таарыйаҕыт, онон балачча уһун дьүүллэһиини ааһыахтара, бу аҥардас сокуону оҥорооччулар икки ардыларыгар эрэ буолуо суоҕа», — диэтэ Госдума депутата.

Александр Жирков бэлиэтээбитинэн, Саха сирин парламена экологияҕа туруорсар боппуруостарын федеральнай таһымҥа билинэллэрин, Уһук Илин, Хотугу, Арктика регионнарын парламеннарыгар, итиэннэ Санкт-Петербурга, Москваҕа ыытыллыбыт Экология форумнарыгар өйөбүлү ылбыттарын, ол быһыытынан Госдума депутаттара Саха сирин көҕүлүүр боппуруостарын өйөөһүҥҥэ ураты болҕомто ууралларыгар ыҥырда.

Ил Түмэн депутаттара Госдума депутатыгар Саха сирэ ирбэт тоҥ, сэлии муоһа харалла сытар сирин-уотун, этнологическай экспертиза, ураты харыстанар сирдэр, ходуһалары өртөөһүн тустарынан федеральнай таһымҥа туруорсуулара сокуон быһыытынан ылыллан, туох көдьүүстээх буолуохтарын сиһилии кэпсээтилэр.

Түмүккэ Сергей Боярскай Ил Түмэн оҥорбут сокуоннарын барылларын экология кэмитиэтэ болҕомтоҕо ылан, сиһилии үөрэтиэҕин туһунан эттэ.

This post was published on 12.03.2018 12:30 12:30