От ыйын 20 күнүгэр Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин киинигэр Бишкек к. «Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форум аһылынна. Форум пленарнай мунньаҕын Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Алмазбек Атамбаев аста уонна улахан этии оҥордо.
Кыргызстан Баһылыга «Кыргыз норуотун баай историятын улахан кэрчигэ Алтаай сирин-уотун кытта быстыспат ситимнээҕин быһыытынан Аан дойдутааҕы форуму ыытыы кыргыз норуотугар улахан суолталаах. «Энесай» диэн бэлиэ ааттаах ыалдьыттары көрсөр дьиэҕэ 12 дойдуттан учуонайдар – антропологтар уонна этнологтар, археологтар уонна лингвистэр, фольклору чинчийээччилэр уонна общественность бэрэстэбиитэллэрэ муһуннулар диэн бэлиэтээн туран: «Алтаай төрүттээх омуктар үйэлэр тухары Эне-Сайаттан уонна хотугулуу-арҕаа Монголияттан саҕалаан Тенир-Тооҕа, Фергана Хонуутугар уонна Памирга, Ала-Тоо уонна Синьцзян хайаларыгар тиийэ тайаан сытар киэҥ сиргэ олороллор», – диэн эттэ.
Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ форум кыттыылаахтарыгар туһаайан Алтаайга «Алтаай цивилизацията» диэн история-культура киинин кыттыһан тутар туһунан Россия Федерациятын уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттарын дойдуларын салалтатыгар ыҥырыы таһаарарга этии киллэрдэ. «Биһиги өттүбүтүттэн бу киин бырайыагын оҥорорго уонна павильоннартан биирдэстэрин – енисей кыргызтарын уонна Кыргыз каганатын историятын музейын тутарга бэлэммит. Ону Россия Федерациятын Президенэ да, салалтата да өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Биһиги, уруулуу омуктар, бэйэбит историябытыттан буолбакка, биһиги историябытын умна эбэтэр уларыта сатааһынтан сэрэниэхтээхпит»,– диэтэ Кыргызстан Президенэ.
Түмүгэр, Алмазбек Атамбаев норуоттары араартыы сатаабакка, кинилэри биир санаалыыр, сомоҕолуур ордугун бэлиэтээн туран: «Алтаай төрүттээх омуктар тылларын, культураларын, үгэстэрин харыстаһыыга бары бииргэ ылсыахтаахпыт. Маннык санаа биир Евразия идеятыгар сөп түбэһэр. Ону биһиги бары, ону таһынан ыаллыы Казахстан, Россия, Кытай, онтон да атын дойдулар өйдүүллэр уонна өйдүөх кэриҥнээхтэр», – диэтэ. Кыргыз лидерэ норуот үтүө туруга бөҕөргүүрүн, олоҕун уйгута тупсарын туһугар Евразия түүр тыллаах норуоттара сомоҕолоһоллоругар ыҥырда.
Кыргызстан Президенин кэнниттэн форумҥа Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга Рустэм Хамитов тыл эттэ. Кини алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара төрүт биир өйдөөх-санаалаах буолалларын, итиэннэ түүр омуктар бэйэлэрин икки ардыларыгар ыкса алтыһалларыгар нуучча тыла улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ: «Россия үйэлэр тухары саҥа сирдэри баһылыырыгар түүр омуктары бэйэтин дьиэ кэргэнин курдук ылынан, кинилэр культураларын харыстааһыҥҥа усулуобуйаны тэрийэн кэллэ. Учуонайдар бигэргэтэллэринэн, биһиги өбүгэлэрбит алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттарын быһыытынан биир уопсай тылынан кэпсэтэн кэлбиттэр. Оттон билигин түүр норуоттарын сорох бэрэстэбиитэллэрэ тылбаасчыта суох кэпсэппэттэр. Ол иһин биһиги омуктары ситимниир ньыма быһыытынан нуучча тылын үөрэтиэх уонна сайыннарыах тустаахпыт», – диэтэ. Башкортостан Баһылыга Кыргызстан Президенин этиитин өйүүрүн уонна бу хайысхаҕа бииргэ үлэлэһэргэ бэлэмин эттэ.
Салгыы, тылы Татарстан Президенэ Рустам Минниханов ылла. Кини Улахан Алтаай элбэх культура, ол иһигэр түүр омук культурата, үөскээн, сайдан кэлбит төрүт сирэ-уота буоларын бэлиэтээн туран: «Билигин биһиги история да, олох да көрдөрөрүнэн Алтаайтан үөскээн, сайдан кэлбит баай нэһилиэстибэбитин быһааран өйдүүр, история матырыйаалын уонна наука кэлиҥҥи чинчийиилэрин бииргэ түмэр үлэни ыытыахтаахпыт. Бу үлэ Евразия киэҥ-нэлэмэн сиригэр олорор норуоттар бииргэ үлэлииллэрин көҕүлүө уонна бөҕөргөтүө. Аныгы сайдыылаах олох өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит төрүт духуобунаспыт, культурабыт баайыгар ытыктабыллаах, харыстабыллаах сыһыаны ирдиир. Ону бары өттүттэн ырыҥалаан-ырытан үөрэтии кэлэр көлүөнэҕэ төрүт уонна ураты культуратын харыстаан илдьэ сылдьан, бүтүн аан дойду сайдар тэтимигэр тэҥҥэ кыттыһарыгар көҕүлүүр күүс буолуо», – диэтэ.
Татарстан Президенин кэнниттэн тыл эппит Россия Федерациятын ЮНЕСКО дьыалаларыгар Хамыыһыйатын Алтай регионнааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ, Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Думатын дьокутаата, биллиилээх суруйааччы Иван Белеков бу дьоһун тэрээһин Алтаай цивилизациятын уонна бүтүн Евразия эйгэтин норуоттарын кэлэр кэскилигэр историческай суолтатын бэлиэтээтэ: «Билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ биир төрүттээх историябытыгар уонна норуоппут үгэстэригэр олоҕуран биһигини бииргэ түмэр уонна сомоҕолуур тыын хаһааҥҥытааҕар да наада. Ол – эпос буолар. Эпоһы харыстаан илдьэ сылдьар туһунан сокуоннар Киргизияҕа уонна Саха сиригэр ылыныллыбыттара. Бүгүн, мин санаабар, Евразия эйгэтэ биир сомоҕо буолуутун бөҕөргөтөр «Евразия норуоттарын эпическэй баайдарын харыстааһын уонна сайыннарыы туһунан» сокуону оҥоруу наада. Ону судаарыстыбалар – Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин кыттыылаахтарын парламеннар икки ардыларынааҕы ассамблеяларын чэрчитинэн көҕүлүүр тоҕоостоох буолуо этэ», – диэтэ.
Салгыы, тыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирковка бэрилиннэ. Саха парламенын спикерэ бастатан туран, «Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форум кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Егор Борисов эҕэрдэтин уонна бу биһиги норуоттарбытыгар улахан суолталаах мунньах үлэтэ ситиһиилээхтик барарыгар баҕа санаатын тиэртэ.
«Биир ый анараа өттүгэр, бэс ыйын 20 күнүгэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Культуратын уонна искусствотын күннэрэ ыытыллыбыта. Ити кэмҥэ тэҥинэн Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин культуратын күннэрэ Москва к. эмиэ ыытыллыбыттара. Саха сиригэр бу киэҥ хабааннаах тэрээһин культура эйгэтигэр үйэ аҥаарын анараа өттүгэр олохтоммут бииргэ үлэлээһин үтүө үгэһин сөргүттэ. 1966 сыллаахха биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кыргыз биллиилээх общественнай деятелэ, суруйааччы Токтоболот Абдумомунов салайааччылаах кыргыз суруйааччыларын бөлөҕө кэлэ сылдьыбыта. Биһиги норуоттарбыт икки ардыларыгар хардарыта сыһыаҥҥа бэлиэ олук ууруллубута. Үгүс сыл ааспытын кэнниттэн биһиги бу үтүө үгэһи сөргүтэр кыахтанныбыт. Саха сиригэр Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Культуратын уонна искусствотын күннэрэ ыытыллыбытынан Алмазбек Шаршенович, Эйиэхэ, тус бэйэҕэр, бу Күннэри ыытыыга өйөбүлүҥ уонна көмөҥ иһин Саха сирин салалтатын уонна общественноһын аатыттан махталбын тиэрдэбин», – диэтэ Александр Жирков.
Ил Түмэн спикерэ: «Алтаай норуоттарын кинилэр ааспыт кэмнээҕи олохторо, тыллара, историялара ситимниир. Ол биһиги аныгы историябытыгар эмиэ салҕанар. Чуолаан, Саха сирин уонна Кыргызстаны икки норуот чулуу уолаттарын – Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин уонна Саха сирин саҥа судаарыстыбаннастарын төрүттэспит Максим Аммосов, итиэннэ Торекул, Чингиз Айтматовтар ааттара ситимниир. Биһиги, аан дойду атын норуоттарын курдук эмиэ, Чингиз Айтматовы бэйэбит суруйааччыбытынан ааҕабыт. Кини өлбөт-сүппэт айымньыларын геройдара махталлаах ааҕааччыларын сүрэхтэригэр сөҥөн, күн бүгүҥҥэ диэри күндүлэр. Улуу суруйааччы уонна гуманист 85 сааһын көрсө Саха сирин олохтоохторо 2013 сыллаахха булуллубут бөдөҥ алмааска Чингиз Айтматов аатын иҥэрбиттэрэ», – диэтэ.
Александр Жирков кыргыз эпоһа «Манаас» уонна саха эпоһа Олонхо киһи аймах тылынан уус-уран культуратын баайын чулуу айымньыларынан билиниллибиттэрин бэлиэтээтэ. «Соторутааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ЮНЕСКО Генеральнай дириэктэрэ Ирина Бокова кэлэ сырытта. Саха сирин уонна ЮНЕСКО икки ардыларыгар үһүс коммюнике илии баттанна. Онно ЮНЕСКО иһинэн Евразия норуоттарын эпостарын аан дойдутааҕы киинин тэрийэр туһунан этилиннэ. Бу санаа 2017 сыл кулун тутар ыйга Россия Федерациятын атын дойдулар дьыалаларыгар миниистирин Сергей Лавров таһымыгар ыытыллыбыт көрсүһүүгэ көтөҕүллэн өйөбүлү ылбыта.
Итини таһынан, билигин «Аан дойду норуоттарын эпостара» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак киэҥник биллэн эрэр. Бу бырайыакка бастакынан Кыргызстан народнай суруйааччыта Бексултан Жакиев оҥорбут «Манаас» диэн кыргыз эпоһа сахалыы тылбаастанан тахсыбыта, оттон Кыргызстаҥҥа саха героическай эпоһа «Дьулуруйар Ньургун Боотур» кыргыз тылынан тахсыбыта. Икки ый анараа өттүгэр аны алтаай эпоһа «Маадай Хара» саха тылынан таҕыста, оттон алтаайдар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхону бэйэлэринэн тылларынан бэчээккэ бэлэмнээтилэр. Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга Рустэм Хамитов тус өйөбүлүнэн башкир эпоһын «Ураал-баатыры» сахалыы бэчээттээн таһаарарга сөбүлэһии түһэрсилиннэ. Кинигэ бу сыл бүтүүтүгэр тахсыаҕа. Башкир тылбаасчыттара саха эпоһын оҥорууга үлэлэрин эмиэ түмүктээн эрэллэр. Салгыы уонча норуот эпоһа хардарыта тылбаастанар бырайыага оҥоһулунна. Бу үлэ салҕана туруоҕа. ЮНЕСКО эгидатынан ыытыллар бу норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыакка тылынан уус-уран баайдаах атын да норуоттары кытталларыгар ыҥырабын», – диэтэ Александр Жирков.
Ил Түмэн спикерэ Саха сирэ аан дойду таһымнаах хас даҕаны бырайыагы таһаарбытын бэлиэтээн: «Биһиги 20 сыл устата «Азия оҕолоро» Аан дойдутааҕы оонньуулары ыытан кэллибит. Бу Ооньууларга араас дойдулартан, чуолаан, азия уонна Евразия континеннарыттан, спортсмен оҕолор кыттыыны ылаллар. Ааспыт сыллаахха «Азия оҕолоро» VI Аан дойдутааҕы оонньууларыгар 37 судаарыстыбаттан 3 тыһыынча спортсмен 27 спорт көрүҥэр, ол иһигэр национальнай көрүҥнэргэ, күрэхтэспиттэрэ. Ааспыт сылга Саха сирин спортсменнара Кыргызстан салалтатын ыҥырыытынан Көс омуктар II аан дойдутааҕы оонньууларыгар аан бастаан кыттыыны ылбыттара. Бу биһиэхэ бастакы холонуу. Инникитин даҕаны Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу саҕалааһыҥҥа кыттыаҕа», – диэн эттэ.
Александр Жирков уруулуу омуктар хардарыта өйдөһүүлэригэр дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ, норуоттары түмэр тустаах дьайыылары көҕүлүүр суолтатын ыйда уонна: «Былыр былыргыттан Алтаай сомоҕо норуоттара континеннары уонна цивилизациялары ситимниир, дойдулары холбуур, аан дойду культуратыгар бэйэлэрин ураты кылааттарын киллэрэр аналлаахтар. «Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форуму ыытыы аан дойду алтаистикатын историятыгар, аан дойдутааҕы тыл үөрэҕэр улахан суолталаах бэлиэ түгэн быһыытынан биһиги норуоттарбыт доҕордуу сыһыаннарын уонна хардарыта өйдөһүүлэрин бөҕөргөтүүгэ тирэх буоллун», – диэн этиитин түмүктээтэ.
«Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форум үлэтигэр тас дойдулартан, Россия Федерациятыттан уонна Кыргызстантан 100-тэн тахса алтаист-учуонайдар, историктар, археологтар, этнографтар, антропологтар, лингвистэр, фольклору, искусствоны уонна культура баайын үөрэтээччилэр, ол иһигэр Саха сириттэн биллиилээх фольклористар профессор Василий Илларионов уонна филологическай наука кандидата Василий Ушницкай кыттыыны ыллылар. Алтаай уруулуу тылларыгар, этногенетическэй, историческай-культурнай ситимнэригэр олоҕуран, Евразия киэҥ сиригэр-уотугар олорор норуоттар гуманитарнай сибээстэрин бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт, наука кэлиҥҥи чинчийиилэрин, үөрэх уонна культура бырайыактара дьүүллэһилиннилэр. Форум кыттыылаахтара Алтаайтан төрүттээх, түүр тыллаах омуктар тылларын, культураларын үөрэтиигэ, харыстаһыыга, хардарыта өйдөһүүгэ улахан сабыдыаллаах уонна кэскиллээх маннык үрдүк таһымнаах бастакы аан дойдутааҕы түмсүү буолбутун улаханнык өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтилэр.
This post was published on 02.08.2017 11:00 11:00