Социальнай суолталаах ас-үөл, эмп-томп сыаната туохтан сылтаан үрдүүрүн тустаах уорганнар хонтуруоллуохтаахтарын «Биир ньыгыл Россия» Саха сиринээҕи чилиэннэрэ туруорсаллар.
«Кэлиҥҥи кэмҥэ сыана өрө тахса турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ хонтуруоллуур эбээһинэстээх уопсайа 318 киһи баар. Билиҥҥи туругунан бу хайысхаҕа кимиилээхтик үлэ ыытыллыбат диэн аһаҕастык этиэххэ сөп», — диир «Биир ньыгыл Россия» баартыйа «Норуот хонтуруола» бырайыагын регионнааҕы хамыыһыйатын салайааччы Александр Уаров.
Кини этэринэн, чуолаан аска, эмкэ сыана үрдээһинигэр сыһыаннаах бэрэбиэркэлиир уорганнар үлэлэрин федеральнай таһымҥа ырытыахха наада. «РФ-ҕа атыы-эргиэн үлэтин судаарыстыбаннай бэрээдэктээһин сүрүн төрүттэрин туһунан» 381 №-дээх федеральнай сокуон быһыытынан предпринимателлэри бэрэбиэркэлиир бырааппыт суох», — диир кини. Норуот хонтуруоллааччылара атыы-эргиэн тэрилтэлэригэр үҥсүүнү физическэй сирэй быһыытынан хонтуруоллуур уорганнарга киллэриэхтэрин сөп. Маны сокуон боппот.
«Норуот хонтуруола» бырайыагы «Биир ньыгыл Россия» үрдүкү сэбиэтин бюрота 2010 сыллаахха көҕүлээбитэ.
This post was published on 18.02.2016 14:11 14:11