Кэтэһиллибитин курдук, «Кыһыҥҥы сугун» кинигэ сүрэхтэниитигэр саалаҕа толору киһи муһунна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын Союһун бэрэссэдээтэлэ, народнай поэт Иван Мигалкин дэгиттэр дьоҕурдаах суруйааччы проза уустук жанрыгар таһаарыылаахтык үлэлээн, үчүгэй кинигэлэри бэчээттэтэн ааҕааччыларын үөрдэрин иһин махтанна уонна ылбыт тэтимин ыһыктыбакка салгыы айа-тута сылдьарыгар алҕаата.
Таатта түмсүү бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов Сындыыс айар үлэтин туһунан кылгастык кэпсээтэ, саҥа кинигэ туһунан санаатын үллэһиннэ. Ол кэнниттэн Таатта «Араҥас сулус» айар түмсүүтүн чилиэннэрэ тахсаннар Таатта аҕа баһылыга Михаил Соров Махтал суругун туттардылар, ааптары итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр уонна саҥа кинигэ кэпсээннэриттэн аахтылар. Мелодист Герасим Павлов, эстрада ырыаһыта Виталий Очиров уонна «Туймаада» ансаамбыл уолаттарын бөлөҕө сүрдэрэ көтөҕүллэн бастыҥ ырыаларын ыллаан дьиэрэтэн истиҥ көрсүһүүнү киэргэттилэр.
“Илгэ” бэчээт дьиэтин директорын солбуйааччы Мария Тимофеева, «Бичик» кинигэ кыһатын кылаабынай редактора Валерий Луковцев Александр Постников-Сындыыс эдэр суруйааччыларга үтүө холобуру көрдөрө сылдьарын бэлиэтээтилэр уонна айар үлэтигэр ситиһиини баҕаран туран Саха сирин Бэчээтин туйгуна бэлиэни, Эҕэрдэ суруктары уонна бэлэхтэрин туттардылар.
— Атаспын Сындыыһы уруккаттан талааннаах суруйааччы быһыытынан билэбин. Кини аҕата Сүөдэр Постников-Арчы «Өрүс бөрөтө» курдук бөдөҥ айымньыны суруйбут улахан суруйааччы этэ. Аҕатын туйаҕын уола хатара сылдьарыттан мин астынабын, — диэтэ биллиилээх суруналыыс Борис Павлов.