Александр Карманов айар түһүлгэтигэр ыҥырар

Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра кулун тутар 6 — 7 күннэригэр киэһэ 6 чаастан эдэр, айар куттаах, кэскиллээх ырыаһыт Александр Карманов «Ырыанан көттөрбүн ыраахха» бастакы сольнай кэнсиэригэр ыҥырар.


Кыттыыны ылыллар: «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕө, J’OL» бөлөх, Аан дойдутааҕы уонна Бүтүн Арассыыйа күрэстэрин кыайыылаахтара Василена Шарина уонна Георгий Слепцов-Чаҕылхан, тыйаатыр үҥкүүһүттэрэ.

Александр Андреевич Карманов ахсынньы 8 күнүгэр 1992 с. Алдан оройуонун Кутана бөһүөлэгэр Анастасия Владимировна уонна Андрей Иванович Кармановтар дьиэ кэргэннэригэр маҥнайгы күүтүүлээх оҕонон күн сирин көрбүтэ. Саша кыра сааһыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна А.Ф. Соловьева салайар эбээн норуодунай фольклорнай “Биракан” ансаамбылыгар утумнаахтык дьарыктаммыта. Ыллыыр талаана 2007 с. саха биллиилээх ырыаһыттара, аатырбыт хампаһыытардара, уутуйан үөскээбит арылыйар ыраас уулаах, кырылас кумахтаах, сардааналардаах кытыллардаах Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгэр дьонун кытта көһөн тиийиэҕиттэн Исидор Адамович уонна Сардаана Ильинична Варфоломеевтар көмөлөрүнэн уһуктубута. Ол кэмтэн саҕалаан Саша ыллыыр дьоҕурдааҕа биллибитэ.

2015 с. М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһигэр Г.Г. Колесов аатын сүгэр төрүт култуура салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. СӨ култууратын туйгуннара Э.К. Соколова, импровизатор хомусчуттар В.А.Степанова, В.В.Лыткина, СӨ үтүөлээх артыыската М.И.Николаева уһуйууларынан саха төрүт ырыатын-тойугун, сүмэтин-сүөгэйин иҥэриммитэ. Ол курдук, хомуска оонньуурга, тойук туойарга, чабырҕах ааҕарга, оһуохай таһаарарга, норуот ырыатын толорорго үөрэммитэ. Устудьуонньуур сылларыгар араас таһымнаах куонкурустарга, күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыта.

2017 с. тыйаатырга практикатын бара сылдьан, тыйаатыр биир сүдү улахан үлэтигэр “Үрүҥ күн оҕолоро” этнобалекка Одессаттан кэлбит биллиилээх хормейстер С.Н.Смирнова салайыытынан аркыастыр артыыстарын кытта ырыаны дьиэрэтэн, ситиһиилээхтик уонна таһаарыылаахтык үлэлэһэн, этнобалет таһыма үрдүк, өрө көтөҕүллээхтик ааһарыгар төһүү күүс буолбута.  2019 с. Сергей Зверей – Кыыл Уола аатын  Үнкүү тыйаатырыгар ырыаһытынан үлэҕэ киирбитэ.

Александр тыйаатыр “Кыл Саха” бөлөх доҕуһуолунан тойуктары, С.А.Зверев-Кыыл Уола репертуарыттан ырыалары толорор.

Ырыаһыт уонна импровизатор-хомусчуттар Василена Шаринаны уонна Георгий Слепцов-Чаҕылханы, аныгы хайысхалаах муусуканы оонньуур «J′ol» бөлөҕү кытары   таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Саха норуотун ырыатын-тойугун, чабырҕаҕын киэҥ эйгэҕэ тарҕатарга кэскиллээх үлэни ыыталлар. Александр Карманов Саха сирин мелодистарын уонна хампаһыытардарын суруйбут ырыаларын эмиэ сөбүлээн толорор.

Александр Карманов эдэр, талааннаах, кэскиллээх ырыаһыт. Баҕарыаҕыҥ ситиһиилээх уонна таһаарыылаах, айымньылаах үлэни.

Тыйаатыр Роспотребнадзор ирдэбилин кытаанахтык тутуһар. Үлэһиттэр харыстанар мааскалаах, бэрчээккэлээх сылдьаллар.  Көрөөччүлэр социальнай дистанцияны тутуһаллар.

This post was published on 03.03.2021 14:01 14:01