Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласовы аата-ахсаана биллибэт мунньах быыһыгар болдьоһон, уонча мүнүүтэ сирэй көрсөн кэпсэтиигэ тыа сирин дьонун долгутар тыын ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөстүм, суруйда Василий Никифоров https://ulus.media/.
— Александр Павлович, аҕыйах хонуктааҕыта өрөспүүбүлүкэ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын отчуоттуур-быыбардыыр кэмпириэнсийэтигэр үүт харчыта үрдэтиллэрин туһунан иһитиннэрбитиҥ уонна сарсын-өйүүн чуолкайданыа диэбитиҥ.
— Ил Дархан Айсен Николаев оперативнай ыстаап мунньаҕар Тыа хаһаайыстыбатын, Экэниэмикэ уонна Үп министиэристибэлэригэр ааҕан таһаарыы, суоттааһын оҥорон, туттарыллар үүккэ субсидияны үрдэтии боппуруоһун көрөрбүтүгэр сорудах биэрдэ. Онон, сотору кэминэн быһаарыллыа диэн эрэннэрэбин. Кэлэр ый 12-гэр диэри оперативнай ыстаапка киллэрдэхпитинэ, оперативнай ыстаап быһаарыыта тахсыаҕа. Онтон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн аныгыскы чуолкайдааһыҥҥа киллэриэхпит.
— Ити тэриллиилээх хаһаайыстыбалар туттарар үүттэригэр көрүллэр 50 солкуобайы үрдэтиигэ сыһыаннаах буоллаҕа?
— Оннук. Тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы үлэлии сылдьар дьон дохуоттаах буолалларыгар туһаайыллар дьаһал.
— Оччоҕо сыл анараа өттүгэр ылыллыбыт субсидия кээмэйэ хаһаайыстыба ороскуотун саппат буолла дуо?
— Биллэрин курдук, уматык-оҕунуох, саппаас чаас, тутуу матырыйаалын, о.д.а. сыаналара үрдүү тураллара дохуокка улаханнык охсор. Онон итинник дьаһаллары ылынарбытын кэм-кэрдии ирдиир.
— Төһө солкуобайынан үрдэтиллиэй?
— Мин билигин бачча диэн этэр кыаҕым суох. Хас даҕаны барыйаан баар. Экэниэмикэ министиэристибэтин кытта бу боппуруоска салгыы үлэлэһиэхпит.
— Кэтэх ынахтаах ыал туттарар үүтүгэр соҕотуопсук төлүүр 10 солкуобайа быйылгыттан эмиэ улаатыннарыллыан сөбүн туһунан эрдэ истэн турабын.
— Ити өттүгэр, кырдьык, эмиэ торум баар. Субсидия улаатар буоллаҕына, соҕотуопкалааччы атыылаһар сыаната эмиэ эбиллиэхтээх. Министиэристибэ соҕотуопкалыыр, астыыр тэрилтэлэр 5 солкуобайынан үрдэтэллэригэр этии киллэриэхпит.
— Оттон 20-30 солкуобайга тириэрдэр хайдах даҕаны кыаллыа суоҕа дуо?
— Тутар-атыылаһар сыананы икки-үс төгүл үрдэтэр соҕотуопкалыыр тэрилтэҕэ эрэ барытыгар кыайтарбат. Ороскуоттарын ааҕынар-суоттанар буоллахтара. Ол иһин, сатаатар, 15 солкуобайтан кырата суох харчыга туталларыгар эрэкэмэндээссийэлиибит. Үүт соҕотуопкатыгар улуустарын, нэһилиэктэрин дьаһалталарын кытта ыкса үлэлэһэн, кэтэхтэри төһө кыалларынан киэҥник хаба сатыахтаахтар. Аҥаардас субсидя үбүгэр сигэммэккэ, үлэни ыытыах тустаахтар.
Холобур, ааспыт сылга Бүлүү улууһугар олохтоох бүддьүөттэн кэтэх ынахтаах ыал киилэ үүтүгэр 5-тии солкуобайы эбии көрөннөр, кэпэрэтиип 25-тии солкуобайга туппута. Ленскэй улууһугар эмиэ бүддьүөттэриттэн эбэннэр, балачча үрдэппиттэрэ. Үөһээ Бүлүүгэ Ороһу нэһилиэгэр урбаанньыт нөҥүө 30-туу солкуобайга туппуттара. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтары көҕүлээһин түмүгэр субсидията суох, кэтэхтэртэн барыта 3300-чэ туонна үүт соҕотуопкаламмыта. Бу үлэни быйыл өссө күүһүрдэр, кэҥэтэр сорук турар. Табан тэрийдэххэ уонна санааны уурдахха, ис кыах улахан дии саныыбын.
— Үөһэ ыйыллыбыт кэмпириэнсийэҕэ өссө бэйэ дьарыктаах дьон хаартатыгар үүт харчытын түһэриэххэ сөбүн туһунан быктаран ааспытыҥ. Ону мин кэтэх ынахпын ыан үүт туттардахпына, хаартабар субсидия харчыта кэлэн түһэр эбит диэн өйдөөбүтүм. Сыыстарабын дуу?
— Бэйэ дьарыктаах буолуутун (самозанятость) туһунан РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа 2019 с. тахсыбыта. Ону түһүмэхтэринэн киллэрдилэр. Пилотнай бырайыагынан маҥнайгы сыл 4, онтон иккис сылыгар 8 эрэгийиэҥҥэ тургутан көрдүлэр. Онтон быйылгыттан дойду субъектарыгар бүтүннүү киирдэ. Саҥа ньыма көдьүүстээҕин көрдөрдө: урут күлүккэ сыппыт, нолуок төлөөбөт дьон, этэргэ дылы, уот иннигэр таҕыстылар.
“Бэйэ дьарыктаах” киһи биирдиилээн дьоҥҥо өҥө оҥорор буоллаҕына, киирбит сууматтан нолуокка 4 бырыһыаны төлүүр, оттон тэрилтэлэри кытта үлэлэһэр буоллаҕына – 6 бырыһыан. Усулуобуйата диэн, сыллааҕы дохуота 2 мөл. 400 тыһ., ол аата ыйдааҕы дохуота 200 тыһ. солкуобайтан таһымныа суохтаах. Онтон үрдүк буоллаҕына, сокуонунан урбаанньыт быһыытынан регистрацияланыахтаах. Билигин маны үөрэтэ, үлэлэһэ сылдьабыт. Чопчу маннык буолуо диэн этэр кыаҕым суох.
— Төттөрүтүн, тэриллиилээхтэргэ үүт харчыта үрдэтиллэрин уонна баар балаһыанньаны туһанан, кэпэрээссийэни сайыннарыыга өйү-санааны, күүһү-уоҕу түмүөххэ баар этэ. Александр Павлович, маныаха туох санаалааххын?
— Ол хайысханан биһиги үлэни ыытабыт. Миэстэтигэр эмиэ тэрийиэхтээхтэр. Бырабыыталыстыба 445-с №-дээх уурааҕар кэпэрээссийэни сайыннарыыны чопчу киллэрэн турабыт. Нэһилиэккэ потребительскай кэпэрэтиип тэриннэхтэринэ, паайсыктаахтар потребкэпэрэтиип салалтатын кытта дуогабар түһэрсэн, сүөһүлэрин кэпэрэтиипкэ көрдөрө биэрэллэр уонна кэпэрэтиип нөҥүө үүт туттараллар, төбө харчытын ылбаттар.
“Кэпэрээссийэлэммит” ынахтар 50 төбө миэстэлээх хотоҥҥо туруохтаахтар диэн аһара улахан да, кыра да буолбатах ирдэбиллээх усулуобуйаны киллэрбиппит. Дьон маны өйдөөн, тэринэн, хамнанан эрэллэр. Министиэристибэттэн былырыын потребительскай кэпэрэтииптэр 100-түү миэстэлээх хотон тутталларыгар 8-тыы мөл. солк. кээмэйдээх 20 граны биэрбиппит. Балтараа сыл иһигэр туттуохтаахтар. Сорох сиргэ тутуллан киирдэ, атыттар ситэринэ сылдьаллар.
Ааптар: Василий Никифоров, https://ulus.media/article/46942
This post was published on 22.03.2022 11:01 11:01