Өлүөнэ муостатын тутуу экономика бары араҥатын хабар, сылы эргиччи айан суолун быһаарар. Бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кээпэрэтииптэр Ассоциацияларын президенэ Александр Артемьев бу курдук санаалаах.
«Өлүөнэ муостатын суолтата биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус улахан. Ол туһунан уруккуттан этиллэр. Ити эрээри тутуута тардыллан испитэ. Билигин кэмэ кэллэ. Мин бэйэм илин эҥэрбин, улахан эбэни туорааһын диэн хайдаҕын билэбин. Саас, күһүн суол суох. Онтон сылтаан кыһалҕа элбиир. Паром сырыыта эмиэ «саахар» буолбатах. Онон муоста хайаан да баар буолуохтаах», — диэтэ Александр Артемьев СИА-ҕа.
Муоста тутулуннаҕына айан суолунан оройуоттары эрэ сибээстиир буолбатах, дойду регионнарын эмиэ хабар.
«Өлүөнэ муостата — бу, бастатан туран, сайдыы, сылы эргиччи суоллаах буолабыт. Икки кытыл оройуоттарын тохтоло суох сибээстэрэ олохтонор, атын регионнарга тахсыахпыт. Социальнай эйгэҕэ, промышленноска, таһаҕаһы тиэйиигэ-таһыыга, тыа хаһаайыстыбатыгар улахан көмө буолуоҕа«, — диэтэ кини.
This post was published on 21.02.2020 14:56 14:56