Александр Акимов: Тыа сиригэр тутуу эмиэ таас буолуохтаах

Бу күннэргэ Федерация Сэбиэтин чилиэнэ, биир дойдулаахпыт Александр Акимов Сунтаарга кэлэ сылдьар. Кини улууска үлэни-хамнаһы билистэ, тутуу эбийиэктэрин көрдө.


Сунтаар нэһилиэгэр тутулла турар эбийиэктэри кэрийдэ. Бастаан Хорохой учаастагар сырытта. Манна былырыын «Сардаҥа» БФХ үлэтин саҕалаабыта. 1,5 мөл. суумалаах грант ылан, нэһилиэк бүддьүөтүттэн 2 мөл. суума эбии көрүллэн, үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута. Хаһаайын Дмитрий Николаев 70 төбө миэстэлээх аарка киэптээх хотон тутан, билигин 50 ынах-сүөһүнү көрөр.

Салгыы, тулаайахтарга тутулла турар 16 кыбартыыралаах уопсай дьиэ үлэтин билистэ. Манна Григорий Павлов салайааччылаах биригээдэ үлэлии сылдьар. Григорий Павлов дьиэ саҥа технологиянан тутулла турар буолан кэккэ ыарахаттары көрсүбүтүн туһунан Александр Константиновичка эттэ. Акимов үөскээбит кыһалҕалары түргэн кэм иһинэн быһаарарга сорук туруорда.

Быйыл «Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» бырагырааманан элбэх дьиэ тутуллуохтаах. Партизанскай уулуссаҕа тутулла турар 24 кыбартыыралаах уопсай дьиэ тутуута түмүктэнэрэ чугаһаабыт. Элбээбитэ 3 хостоох кыбартыыралаах дьиэ ис-тас истиэнэлэрэ номнуо кырааскаланан бүтэн эрэллэр. Александр Константинович: «Маһынан тутуллубут уопсай дьиэ өр турбат, түргэнник эмэҕирэр, эргэрэр. Онон уопсай дьиэ хайаан да таас буолара ирдэнэр. Тутуу хаачыстыбалаах буолара ирдэнэрин туһунан тоһоҕолоон бэлиэтиибин«, — диэтэ. Салгыы туһаттан тахсыбыт, көтүрүллүөхтээх эбийиэктэри, ону сэргэ лиссиэй тутуллуохтаах сирин көрдө. «Хайа баҕарар дойду таһыма оскуолатыттан тутулуктаах, онон лиссиэй дьиэтэ хайаан да тутуллуохтаах», — диэтэ кини.

Маны сэргэ С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан 350 миэстэлээх духуобунай култуурунай киин, 80 миэстэлээх оҕо саадын, Химия түөлбэтигэр 240 миэстэлээх оҕо саадын тутуутун билистэ.

Бартыһаан түөлбэтигэр 80 миэстэлээх оҕо саадын үлэтэ түмүктэнэрэ чугаһаабыт. Ыалдьыттары биригээдэ салайааччыта Самвел Саакян көрүстэ, сүрүн үлэлэрин билиһиннэрдэ, дьиэ ис-тас өттүн көрдөрдө. Успуорт саалата, оҕолор утуйар хосторо, куукуна, химчистка туох ханан туруохтааҕын барытын ыйан-кэрдэн биэрдэ. Үчүгэйэ диэн, оҕо саадын иитээччилэрэ, төрөппүттэр субуотунньугу көтүппэккэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар эбит. Онон аны күһүн саҥа оҕо саада аанын тэлэччи аһыаҕа диэн күүтэбит.

This post was published on 13.07.2016 12:07 12:07