Алдантан Симоновтар дьиэ кэргэн "Төрөппүт албан аата" уордьанынан наҕараадаланнылар

Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Алдан улууһун олохтоохторо Роман Валериевич уонна Ольга Олеговна Симоновтар «Төрөппүт албан аата» («Родительская слава») уордьанынан наҕараадаланнылар.


Үрдүк наҕарааданы элбэх оҕолоох ыалга улуус баһылыга Северин Поздняков туттарда.

Симоновтар биэс оҕо – түөрт уол уонна биир кыыс төрөппүттэрэ. Оҕолор спортка, наукаҕа, айар үлэҕэ дьоҕурдаахтар. Симоновтар оҕолорун бэйэлэрин холобурдарыгар иитэллэр. Бииргэ хайыһардыылларын, субботниктыылларын сөбүлүүллэр.

2018 сыллаахха ыал ийэтэ Ольга Олеговна «Миссис Россия» күрэххэ кыттан, сэттэ иһигэр киирэн, «Мама года» титул хаһаайкатынан буолта. Эһиилигэр бүтүн Арассыыйатааҕы интернациональнай бырайыакка кыттан «Леди Евразия – 2019» аатын сүкпүтэ.

«Миссис Россия» күрэх кэннэ Ольга Симонова Саха сирин соҕуруу өттүгэр күрэх бэрэстэбиитэлэ буолан туран, икки сыл субуруччу «Миссис Алдан» күрэҕи тэрийэн ыытар. Кыайбыттар Арассыыйа күрэхтэригэр кыттар кыахтаналлар.

This post was published on 04.08.2020 16:01 16:01