Алдан уонна Томмот оройуонугар сир хамсааһынын бэлиэтээтилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Олунньу 17 күнүттэн 18 күнүгэр түүн Алдан оройуонугар сир хамсааһына буолла, диэн иһитиннэрэр ЯСИА-ҕа РНА биир кэлим геофизическай сулууспатын Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Сергей Шибаев.

Шкаланан MSK 3-4 баллаах сейсмо-көстүүнү Саха сирин бириэмэтинэн 2 чаас 6 мүнүүтэҕэ Томмот куоратыгар (20 км хотулуу) уонна Алдаҥҥа (66 км хотугулуу-илин) 15 килэмиэтир дириҥҥэ.

РАН ЕГС филиалыгар сир хамсааһына Алдан уонна Томмот сирдэригэр биллибитин бэлиэтээтилэр.

This post was published on 18.02.2026 11:11 11:11