Алдан өрүскэ уу таһыма үрдээтэ

Чагда (Учур) нэһилиэк таһыгар Алдан өрүс уутун таһыма 3 миэтэрэ үрдээбитэ бэлиэтэнэр, атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан 733 см эбиллибит. Бу туһунан  Саха УГМС сайтыгар суруйбуттар. Чугас сытар нэһилиэктэр, суол-иис, муосталар уонна дьиэ таһынааҕы учаастактар ууттан эмсэҕэлиир кутталлаахтар.

«Чугастааҕы икки сууккаҕа – Алдан оройуонун Чагда (Учур) гидропостун таһыгар уу таһыма нуултан 1430 – 1550 см тиийэ үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Уу кытыла 1500 см.ууга барыахтаах.  Нэһилиэк буоллар 1550 см таһымтан саҕалаан ууга барар», — диэн иһитиннэриигэ бэлиэтээбиттэр.

Саха сиринээҕи ЫБМ оройуон олохтоохторугар сэрэх буоларга, сыаналаах маллары, докумуоннары, бастакы наадалаах тэриллэри дьиэ үрдүгэр таһаарарга ыҥыраллар. Ону таһынан, олохтоох дьаһалта уу таһымын бэлиэтээн оҥорор иһитиннэриилэрин кэтээн көрөллөрүн көрдөһөллөр.

This post was published on 08.08.2022 17:03 17:03