Алдан өрүскэ сааскы уу иккис долгуна төрдүгэр бэлиэтэнэр, нэһилиэнньэлээх пууннар тастарынан уу кутталлаах бэлиэттэн түстэ. Ол туһунан Саха сиринээҕи суһал штаб бүгүн иһитиннэрдэ.
Уус-Майаҕа уон олбуорга уу баар: 5 — Эдьээҥҥэ, 4 — Уус Майаҕа уонна 1 — Күпкэ.
Томпоҕо Мэҥэ Алдан сэлиэнньэтин таһыгар Быһаҕас оттуур сиргэ барыы суола ууга турар.
This post was published on 09.06.2025 12:18 12:18