Алдан өрүһүнэн сытар р- 504 «Халыма» федеральнай суолунан айанныыр массыына тиэнэр кыамтатын 30 тоннаҕа диэри улаатыннарыахтара, диэн ФКУ Упрдор «Бүлүү» пресс- сулууспата иһитиннэрэр.
Росавтодор биэдэмистибэтин ФКУ Упрдор «Бүлүү» тэрилтэтэ 2021 с. ахсынньы 21 күнүттэн Р- 504 «Халыма» трассатыгар сытар Алдан өрүһү туоруур муус суол кыамтата 30 тоннаҕа диэри үрдээбитин иһитиннэрдэ.
ФКУ Упрдор «Бүлүү» куттала суох буолууну хааччыйар уонна кутталлаах быһыыны- майгыны бохсор сыалтан, мууһунан сырыыга көҥүллэммит эрэ ыйааһыннаах таһаҕаһы тиэнээһини булгуччулаахтык тутуһарга сүбэлиир.
This post was published on 22.12.2021 11:03 11:03