Алдан оройуонугар суол саахалыгар оҕо эмсэҕэлээтэ

Алдан оройуонугар суол саахалыгар оҕо эмсэҕэлээтэ, диэн ГИБДД пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Алтынньы 13 күнүгэр 41 саастаах дьахтар -«Тойота-Вэнгард» массыына суоппара «Ниссан-Нот» массыынаҕа суолу туран биэрбэтэх. Ол түмүгэр массыыналар харсыспыттар «Ниссан- Нот» массыынаҕа олорбут 10 саастаах кыыс эчэйиини ылла. Кыыска таһыттан эмтэниини анаатылар.

Сокуоннай сааһын ситэ илик пассажир кыыс куттал суох буолуутун хааччыйар куру иилиммэккэ олорбут.

Суол быһылаанын чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.

This post was published on 14.10.2022 17:01 17:01