Алдан оройуонугар үс массыына кыттыылаах саахал буолла

Сэтинньи 10 күнүгэр Алдан оройуонугар «Лена» федеральнай тыраасса 640 км-гар үс массыына кыттыылаах суол быһылаана буолла. Эмсэҕэлээбиттэр суохтар диэн, ГИБДД Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрдэ.

Саахал кыттыылаахтарынан кыра омук массыыната, УАЗ СГР уонна таһаҕас тиэнэр массыына буоллулар. Иномарка уонна УАЗ харсыстылар, салгыы кыра массыына таһаҕас тиэнэргэ баран түстэ. Быһылаан чахчытын кэлин таһаарыахтара.

Социальнай ситимҥэ ДТП буолбут түгэнин таһаардылар.

This post was published on 10.11.2023 17:41 17:41