Алдан оройуонугар отоннуу сылдьан сүппүт эр киһини буллулар

Алдан оройуонугар балаҕан ыйын 13 күнүгэр тыаҕа отоннуу тахсан баран сүппүт эр киһини буллулар.

Отонньуту көрдөөһүҥҥэ Алданнааҕы быыһыыр сулууспа этэрээтиттэн биэс киһи үлэлээтэ. Кинилэр тыаҕа хаалбыт массыынаны булан баран, беспилотник көмөтүнэн уонна сатыы көрдөөтүлэ.

Көрдүүр-быыһыыр эпэрээссийэ этэҥҥэ түмүктэннэ. Эр киһини булан массыынаҕа тиэртилэр уонна Томмот куоракка диэри атаардылар.

This post was published on 14.09.2023 17:05 17:05