Алдан эбэнэн «Халыма» трассаҕа муус суол ахсынньы 14 күнүгэр арыллара былааннанар

«Бүлүү» суол управлениета «Бүлүү», «Халыма» трассаларынан кыһыҥҥы уонна муус суоллары арыйыы күнүн-дьылын иһитиннэрдэ.


«Бүлүү» суол управлениета иһитиннэрбитинэн, муус суолга тиэхиникэ ыйааһынын Бүлүү эбэҕэ км 660 (Үөһээ Бүлүү с.), км 807 (Күндээдэ с.), км 956 (Устье с.) уонна км 1049 (Кириэстээх с) 10 туоннаҕа диэри улаатыннарыы ахсынньы 10 күнүгэр былааннанар.

«Бүлүү» кыһыҥҥы суолу арыйыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Таас-Үрэх сэлиэнньэтиттэн Иркутскай уобалас Верхнемарково бөһүөлэгэр диэри — ахсынньы 25 күнэ.

Алдан эбэнэн «Халыма» трассаҕа суолу арыйыы ахсынньы 14 күнүгэр былааннанар.

Ахсынньы 8 күнүнээҕи туругунан барыллаан кыраапыгы манна киирэн билис: https://ysia.ru/otkrytie-ledovoj-perepravy-na-trasse-kolyma-cherez-reku-aldan-zaplanirovano-na-14-dekabrya/

This post was published on 09.12.2020 16:01 16:01