Алдаҥҥа сир хамсааһына бэлиэтэннэ

Бөлүүн 03:44 мүн Алдан улууһун Ыллымах нэһилиэгиттэн хотугулуу-илин 16 килэмиэтиригэр сир хамсааһына бэлиэтэннэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыы- майгы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


Сир хамсааһына 15 км дириҥҥэ таҕыста, 5 балл күүстээх буолла.

Ыллымах, Улахан Ньымныыр, Аллараа Кураанах, Томмот, Алдан нэһилиэктэрин олохтоох дьаһалталара олорор дьиэлэри, тэрилтэлэри, ититэр ситимнэри бэрэбиэркэлээтилэр. Саахал бэлиэтэммэтэ. Олохтоохтортон үҥсүү киирбэтэ.

This post was published on 19.01.2021 11:02 11:02