Алдаҥҥа сайыҥҥы лааҕырга оҕолору күүһүлээбит остуорас сууттаныа

Criminal hands locked in handcuffs. Close-up view

Алдаҥҥа «Берег дружбы» оҕо сайыҥҥы лааҕырын урукку остуораһа сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору күүһүлээһиҥҥэ буруйданар.


Силиэстийэ быһаарбытынан, 2015 сыл от ыйыгар буруйданааччы итирэн баран 13 уонна 14 саастаах оҕолору күүһүлээбит.

Бу оҕолортон биирдэстэрэ быһылаан туһунан лааҕыр баһаатайыгар уонна дириэктэригэр эппит.

Остуораска тэриллибит холуобунай дьыаланы үөрэтии билигин түмүктэннэ.

Алданнааҕы үөрэх департаменын уонна «Берег Дружбы» оҕо сайыҥҥы лааҕырын дьаһалтатыгар холуобунай дьыала тэриллэригэр билигин чинчийии бара турар.

This post was published on 22.06.2016 11:30 11:30