Алдаҥҥа Арассыыйа хайыһарга сүүмэрдэммит хамаандата дьарыктана кэллэ

Алдаҥҥа бастакытын Арассыыйа хайыһарга эр дьоҥҥо сүүмэрдэммит хамаандата дьарыктана кэллэ. Бөлөҕү старшай тренер Олег Перевозчиков салайар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи хайыһар спордугар олимпийскэй резервэ спортивнай оскуолатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 


«Алдан трассата алтынньыга хаардааҕынан барыыстаах. Билигин манна 30 сантиметр халыҥнаах хаардаах, 10 килэмиэтир уһуннаах трасса бэлэмнэнэн сытар. Спортсменнар кэлбит күннэриттэн дьарыктанан бартара. Ону таһынан манна 1979 сыллаахтан Сэбиэскэй сойуус хайыһарга сүүмэрдэммит хамаандалара Олимпийскай оонньууларга, атын үрдүк таһымнаах күрэхтэргэ дьарыктаналлар эбит. Аҕыйах сылтан бэттэх саҥа спортивнай комплекс тутуллуоҕуттан Арассыыйа спортсменнарын дьарыктааһын сөргүтүллүбүт», — диир Олег Перевозчиков.

Саҥа комплекска нус бараан хостор, столовай, сауна, дьарыктанар, оонньуур саалалар, сүүрэр манеж бааллар.

Спортсменнар кэлиилэрин тэрийбит салайааччы Александр Рудаков Алдаҥҥа биэс сыл кэннэ сбор өрөспүүбүлүкэ салалтатын, тустаах министиэристибэни, Роспотребнадзоры, өрөспүүбүлүкэтээҕи хайыһар спордугар олимпийскэй резервэ спортивнай оскуолатын, Арассыыйа хайыһарга федерациятын итиэннэ Арассыыйа биатлонистарын союһун кытары кэпсэтии, сөбүлэҥ түмүгэр ситиһилибитин этэр.

This post was published on 19.10.2020 11:01 11:01