Сэтинньигэ үс ИТ-киин Алдаҥҥа, Аммаҕа, Тиксиигэ арыллыахтара. Информационнай технология эйгэтигэр дьоҕус уонна орто предпринимательствоны сайыннарыыга аныгы инфраструктура тэрийии Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар, диэн суруйда регион сүрүн пресс-сулуспата.
ИТ-кииннэр арыллыылара былаан быһыытынан барар уонна сыл бүтүүтэ муниципалитеттарга барыта 18 киин үлэлиэҕэ.
«ИТ-пааркалары оройуон кииннэригэр арыйыы инновационнай хампаанньалары өйүүр сыаллаах ыытыллар. Саҥа стартаптар баар буолаллар, саҥа үлэ миэстэлэрэ арыллаллар, улахан нэһилиэнньэни идэтин уларытан үөрэнэригэр бырагыраамалар салгыы ыытыллаллар», – диэтэ инновация миниистирэ Анатолий Семенов.
Бүгүҥҥү ИТ-кииннэр — нэһилиэнньэ цифровой грамотноһын үрдэтии, информационнай технологияларга, инновацияҕа, трансферга консультационнай уонна информационнай өҥөнү оҥоруу, олохтоох тэрилтэлэр технологическай ирдэбиллэрин быһаарыы, ИТ-бырайыактары тарҕатыы.
This post was published on 02.11.2022 13:31 13:31