Алдан дьаһалтатыгар саҥа дьиэҕэ киирбиттэргэ күлүүстэрин туттардылар. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан Горькай аатынан уулуссаҕа саҥа дьиэ дьэндэйдэ.
Тутааччы хампаанньа «ТСК+». Саҥа дьиэ 15 кыбартыыралаах, биир икки хостоох, тоҕус үс хостоох, биэс түөрт хостоох. Манна Солнечнай микрооройуонтан көһөн кэллилэр.
Игорь Кацуб уонна Жанна Костина санааларын үллэһиннилэр. «Биһиги 14 сыл Солнечнайга олордубут. Кэлиҥҥи сылларга дьиэбит олус тымныйбыта. Нэһиилэ турбута, ол иһин көһөн кэлбиппитин олус үөрэбит», — диэтэ Жанна Анатольевна. «Махтал саҥа кыбартыыраҕа уонна бэлэххит иһин», — диэтэ кини кэргэнэ Игорь Владимирович.
Ааптар: Елена Ивкина
This post was published on 07.12.2023 14:33 14:33