22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Алампа саҥа тиэрминнэри айар үлэҕэ кыттыыта

11:02, 13 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Анемподист Иванович Софронов-Алампа «тас куормата сахалыы, ис хоһооно сэсиэлискэйдии худуосастыбаннай литэрэтиирэ үүнэригэр, үрдүүрүгэр»[2] харса суох  үлэлээбитин биһиги бэркэ билэбит. Оттон кини саҥа тиэрминнэри  айар уонна олохсутар үлэҕэ хайдах кыттыспытын туһунан саха тылын үөрэҕэр ситэ сырдатылла илик. Сарсын Алампа төрөөбүт күнэ. «Билим» альманах бу даатаҕа анаан биллиилээх тыл үөрэхтээҕэ саҥа тиэрминнэри айар үлэҕэ кыттыытын [1] туһунан ырытыыны бэчээттиир.


Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап, тыл үөрэҕин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ

Алампа “Бүтүн түүрк омук норуоттарын сийиэһэ” диэн ыстатыйатын холобур быһыытынан көрүөҕүҥ. Бу ыстатыйа 1926 с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр “Кыым” хаһыакка бэчээттэммитэ. Манна суруйааччы Баку куоракка буолан ааспыт Түүр тыллаах омуктар маҥнайгы сийиэстэрэ туох түмүккэ кэлбитин сырдатар.

Ыстатыйа барыта холбоон 741 тылтан таҥыллыбыт. Бу ыстатыйаҕа нуучча тылыттан киирэн сахатыйбыт 105 тыл  баар. Ордук элбэхтик сийиэс (10 төгүл), быраабыла (9 төгүл), буукуба (9 төгүл), боппуруос (8 төгүл), түүрк (8 төгүл), норуот (7 төгүл), алпаабыт (7 төгүл), тиэрмин (4 төгүл), сокуон (4 төгүл), кэмииссийэ (4 төгүл) диэн тыллар хатыламмыттар. Маны таһынан 5 тыл төрүт нууччалыы көрүҥүнэн уларыйбакка сылдьар, олортон түөрдэ хос быһаарыы быһыытынан ускуопка иһигэр киирэн туттуллубут.  Ааҕан-суоттаан көрдөххө, бу ыстатыйа тылын 15 %-на нуучча тылыттан төрүттээх эбит.

Алампа түүр тыллаах омуктар маҥнайгы сийиэстэригэр сылдьан, билиитэ-көрүүтэ таһыччы үрдээбитэ, ону ыстатыйа ис хоһооно да кэрэһилиир. Бу кэрчиккэ Алампа саҥа тиэрминнэри хайдах ылыныахтаахпытын сүбэлиир: “…түүрк омук норуоттарын кэпсэтэр тылларыгар урут суох, саҥа киирэр атын омуктар тылларын (тиэрминнэрин) бастаан төрүөбүт тылынан тылбаастыырга кыһаныахха. Бэйэҕэ, саҥа ылар тылы тылбаастыыр тыл суох буоллаҕына, атын аймахтыы омуктарбыт тылларынан тылбаастыахха, ол кыаттарбат буоллаҕына, саҥа ылар тылы хайтах ааттаналларынан ылан баран, бэйэбит төрүөбүт куоласпытыгар сөп түһэр гына саҥарыахтаахпыт, холобур, саҥа ылар тыл буукубаларын дорҕооннорун бэйэбит дорҕоонноох буукубаларбытынан уларытыахтаахпыт”[3]. Бу кэскиллээх этии саха тылын үөрэҕэр билигин да суолтатын сүтэрэ илик, инникитин даҕаны үйэлээх эркээйи быһыытынан сыаналаныа.

Алампа бу ыстатыйатын суруйар кэмигэр, ХХ үйэ 30-с сылларыгар, саха тылыгар таба суруйуу нуормата олохсуйа илигэ. Суруйааччылар тыллары хайдах саҥаралларынан араастаан суруйаллара. Сахалыы таба суруйуу быраабылата хайдах буолуохтааҕын туһунан саха үөрэхтээхтэрин ортотугар улахан мөккүөр бара турара. Алампа ити мөккүөртэн эмиэ туора туран хаалбатаҕа.

Кэтээн көрдөххө, Алампа эрдэтээҥҥи ыстатыйаларыгар саҥарар саҥа дьайыыта күүстээх эбит: кэбсээтэ (кэпсээтэ онн.), уулукса (уулусса онн.), каатыска (хаартыска онн.). Суруйааччы нууччалыы тыллары сахатытарыгар саха тылын төрүт айылгытыгар сөп түбэспэт маннык түгэннэр көстөллөр:

  • аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһэр сокуонун кэһии: Пиэстуун, Рэспуублика;
  • тыл иннигэр икки бүтэй дорҕоону туруоруу: скылаат, крааснай, бримиэр;
  • сэргэстэспэт бүтэй дорҕооннору (тр, кл, бл, бк, бс, сн) бииргэ туттуу: этрээт, даклаат, Өрөспүүблүкэ, ыстаабка, уобсастыба, чааснай;
  • үс бүтэй дорҕоону сэргэстэһиннэрии: таранскрыыпсыйа (транскрипция), оструокка (строка), браатскай.

Алампа айар үлэтигэр литэрэтиирэлии нуормаҕа тардыһара өтө көстөр. Ол курдук кини кэлиҥҥи ыстатыйаларыгар нуучча тылларын сахатытарыгар аһаҕас уонна бүтэй дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун балачча бигэтик тутуһар. Бу холобурдарга Алампа таба суруйуу нуорматыгар тиийиэр диэри хардыылаабыт суола-ииһэ (эволюция) көстөр: Рэспублика – Рэспуублика – Өрөспүүблүкэ – Өрөспүүбүлүкэ;  литиэратура — литиэрэтиирэ – литэрэтиирэ. Рэспуублика уонна литиэратура диэн эрдэтээҥҥи холобурдарга транслитерация ньымата тутуһуллубут. Манна саха тылыгар суох /е/ эрэ буукуба /э/ уонна /иэ/ бэлиэлэринэн солбуллубут, оттон атыттар уларыйбатахтар. Таарыйа эттэххэ, нуучча тыла атын омук тылларын ылынарыгар, сүнньүнэн, маннык ньыманы туһанар (ысыах, олонхо). Оттон саха тылыгар, биллэрин курдук, дорҕоон дьүөрэлэһиитин сокуона баар. Ити сокуон дьайыытынан тылга биллэр-көстөр уларыйыылар тахсаллар, ону сахатытыы ньымата (транскрипция) диибит. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ уонна литэрэтиирэ диэн толору сахатыйбыт барыйааннарга кэлэбит.

«Чолбон» сурунаалга айымньыларын бэчээттэтэ ыыппыт Шадрин Иван Петровичка 1927 с. бэс ыйын 3 күнүгэр Алампа сурук суруйан ыыппыта. Бу сурукка Алампа нуучча тылларын сахатытыыга сыһыана бэрт чуолкайдык көстөр: “На счет введения русских слов (варваризмы) постольку, поскольку они понятны якутам. Это правильно. С Вами согласен, но только в случае, если они не переводимы на родной язык, ибо мы должны в целях сохранения материального (материнского) языка, избегать от засорения новыми иностранными терминами; принимаемые иностранные слова должны обязательно подчинить закону т.е. гармонизации языка. Например, вы пишете: «пример», этим природа нашего языка ломается. Мы это слово гармонизируя к своему языку, пишем: «биримиэр», «рама – араама», «Арамаан», «оскуола», «остуол» и т.д. По данному вопросу не намерен теперь распространяться, говорю только к слову. Ибо этот вопрос могут разрешить спецы-лингвисты[4]. Бу тус көрүүтүн Алампа уус-уран айымньыларыгар, тылбаастарыгар, ыстатыйаларыгар барытыгар тутуһар. Ону аҥаардас ыстатыйаларын да аата кэрэһилиир: “Дыраама диэн тугуй?”, “Саха бисээтэллэрэ, кинилэр наадалара”, “Ускуустуба”, “Саха тийээтирэ”, “Саха алпаабыта”, о.д.а.

Алампа ыстатыйаларыгар хастыы да барыйаан (бөрөбүөттээбит — тылбаастаабыт, ууруу – уураах, түүрк – түүр, бисээтэл — суруйааччы) тэҥҥэ туттулла сылдьара оччолорго тиэрмин ситэ олохсуйа илигин туоһулуур. Нуучча тылларын сахатытарыгар Алампаҕа төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтин тыла эмиэ дьайар: эктээп (өктөөп онн.), сапытыай (соппутуой онн.), кэмииссийэ (хамыыһыйа онн.). Алампа ыстатыйаларыгар саҥа тиэрминнэри тутуннаҕына, олору хос быһааран биэрэр идэлээх: суруйар суруктарын моһуона (стиль), сылабаар (словарь), Үрдүк үөрэх суута (Академия Наук), үөрэх суруга (грамматика), сирииби (букубаны), о.д.а. Алампа айар үлэтигэр бүгүҥҥү күҥҥэ туттуллуон сөптөөх элбэх киирии тыл баар: бэрэпиэссэр, муусука, ускуустуба, дыраама, кэмиэдийэ, тийээтир, аҕытаассыйа, сийиэс, дэлэгээт, эрэдээксийэ, бырабыыталыстыба, дьоруой, о.д.а.

Түмүктээн эттэххэ, Алампа саха норуотун култуурата сайдарыгар үтүөтэ-өҥөтө, ол иһигэр саха тылын үөрэҕэр киллэрбит кылаата биһиги устуоруйабытыгар бэрт сэмэйдик ахтыллар. Кини туруорсубут туруорсуута, дьулуспут дьулуһуута саха омук олоҕор билигин даҕаны тыын суолталаах.

 Туһаныллыбыт литература:

[1] Наследие предков и современный тюркский мир: языковые и культурные аспекты: материалы Международной научно-практической конференции (Якутск, 4 декабря 2014 г.). – Якутск: Издательский дом СВФУ, 2016. – С. 95-99.

[2] Софронов А.И. Айымньылар / Анемподист Софронов ; [редкол.: А.К.Акимов уо.д.а.]. – Дьокуускай : Бичик, 2005. – 448 с. (Саха литературатын классиктара).  2-с т.: Хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, очерк, ыстатыйалар / [хомуйан оҥордо В.Г. Семенова]. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – С. 397.

[3] Софронов, Анемподист Иванович. Айымньылар / Анемподист Софронов; [редкол.: Е.И. Михайлова уо.д.а.]. – Дьокуускай : Бичик, 2005. (Саха литературатын классиктара).  Т.4: Тылбаастар. Айымньылар. Ыстатыйалар. Докумуоннар / [хомуйан оҥордо В.Г. Семенова]. – Дьокуускай: Бичик, 2011. – С. 210.

[4] Софронов, Анемподист Иванович. Айымньылар / Анемподист Софронов; [редкол.: Е.И. Михайлова уо.д.а.]. – Дьокуускай : Бичик, 2005. (Саха литературатын классиктара).  Т.4: Тылбаастар. Айымньылар. Ыстатыйалар. Докумуоннар / [хомуйан оҥордо В.Г. Семенова]. – Дьокуускай: Бичик, 2011. – С. 280.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА