Иккиттэн ордук араас суолталаах чаастаах этиини уустук тутуллаах холбуу этии (УТХЭ) диэн ааттанар.
Уустук тутуллаах холбуу этии нуучча тылын үөрэҕэр Г.П. Уханов [8]; Г.Ф. Калашникова [3]; Е.Г. Усманова [7] уо.д.а. үлэлэригэр сырдатыллар.
Саха тылыгар уустук тутуллаах холбуу этиини аан бастаан Е.И. Убрятова синтаксиһы чинчийбит үлэтигэр көрбүтэ [6]. Кэлин холбуу этии бу арааһын саха суруйааччыларын айымньыларыгар туттуллуутун уратыта А.К. Прокопьева ыстатыйатыгар сырдатыллар [4].
УТХЭ чаастара бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэринэн көрөн икки араастаах: уустук тутуллаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии (УТТХХЭ); уустук тутуллаах баһылатыылаах холбуу этии (УТБХЭ). Атыннык эттэххэ, тэҥҥэ холбоммут холбуу этии (ТХХЭ) салаа чааһынан уустугурдуллубута УТТХХЭ дэнэр, оттон баһылатыылаах холбуу этии иккиттэн элбэх салаа чаастаммыта УТБХЭ дэнэр.
УТХЭ икки арааһын биирдиилээн көрүөҕүҥ.
- Уустук тутуллаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии. УТТХХЭ наарданыыта, чинчийээччилэр этэллэринэн, уустук, кыаллыбат даҕаны. Ол эрээри татаар тылын үөрэхтээҕэ М.З. Закиев УТТХХЭ 3 тиибин араарар:
1 тиип – УТТХХЭ-гэ баар салаа чаас (чаастар) ис хоһоонунан тутаах чаастартан биирдэстэригэр эрэ сыһыаннаах;
2 тиип – УТТХХЭ-гэ туттуллар салаа чаас (чаастар) ис хоһоонунан тутаах чаастарга барыларыгар сыһыаннаах, барыларын ис хоһооннорун сырдатар;
3 тиип – УТТХХЭ-гэ туттуллар ТХХЭ-лэр бары тус-туһунан сырдатар салаа чаастардаахтар [2, с. 43].
- Уустук тутуллаах баһылатыылаах холбуу этии. УТБХЭ «Саха билиҥҥи литературнай тылын грамматикатыгар» (1995) сиһилии чинчийиллэр. Манна салаа чаастары ситимнэһэр ньымаларынан 4 тиипкэ араараллар: биир уустаах, биир ууһа суох, утум-ситим, булкаас [1, с. 283-286].
Бу үлэҕэ УТБХЭ наарданыыта «Саха билиҥҥи литературнай тылын грамматикатыгар» (1995), оттон УТТХХЭ наарданыыта М.З. Закиев «Грамматика татарского языка» үлэлэргэ тирэҕирэн оҥоһуллар.
А.И. Софронов-Алампа «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» кэпсээнигэр уустук тутуллаах холбуу этиини наардааһын маннык көрдөрүүнү биэрдэ: судургу этии (СЭ) – 120 этии (63,8%); тэҥҥэ холбоммут холбуу этии (ТХХЭ) – 11 этии (5,9%); баһылатыылаах холбуу этии (БХЭ) – 35 этии (18,6%); УТТХХЭ – 7 этии (3,7%), УТБХЭ – 15 этии (8%).
1. Этии наарданыыта
А.И. Софронов «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» кэпсээнигэр УТХЭ-лэртэн УТБХЭ икки төгүл элбэхтик туттуллара бэлиэтэннэ.
Араас-араас ааптар УТХЭ кээмэйин араастаан туттар. Алампа бу айымньытыгар үксүн үс чаастаах этиилэри туттар:
2. УТХЭ чаастарынан наарданыыта
Айымньыга УТТХХЭ туттуллуутун көрүөҕүҥ.
Ааптар УТТХХЭ араастарыттан бастакы тииби сөбүлээн туттара бэлиэтэннэ (1-гы тиип – 6 этии, 2-с тиип – суох, 3-с тиип – 1).
2 диаграмма. УТТХХЭ тиибинэн наарданыыта
Үөһэ этиллибитин курдук, УТТХХЭ бастакы тиибигэр салаа чаас ис хоһоонунан тутаах чаастартан биирдэстэригэр эрэ сыһыаннаах. Холобур: [Дьиэлэрин аана санаарҕаабыт курдук хаахынаан аһылынна], [дьиэ иһигэр толору үрүҥ туман кутулунна], [ол туманы кытта таһыттан (Уйбаан саамай чугас, астынар) атаһа Дьаакып киирэн, уҥа ороҥҥо бэргэһэтин, үтүлүгүн ууран баран, атаҕын тэбэнэ-тэбэнэ, уот иннигэр кэлэн, сис туттан турда] (170). Манна ааптар Дьаакып Уйбаан саамай чугас, астынар атаһа буоларын быһаарыы салаа чааһынан арааран бэлиэтиир, моргуор тахса илигинээҕи сыһыаннарын арыйар:
Иккис тиипкэ биир этии көстөр. УТТХХЭ-гэ туттуллар салаа чаас (чаастар) ис хоһоонунан тутаах чаастарга барыларыгар сыһыаннаах, барыларын ис хоһооннорун сырдатар. Холобур: [Дьиэтэ-уота кураанах буолта) хобдоҕо-куһаҕана сүрдээх], [мэктиэтигэр дьиэтэ тымныйбыкка дылы] (177). Манна бэриллэр туһаан салаа чаас Хобороос барбытын кэннэ дьиэ иһинээҕи эйгэ туругун барытын хабан көрдөрөр:
Үһүс тиип – тутаах чаастар бары тус салаа чаастаахтар – 1 этии. [Ол гынан баран, күн аайы эрин абааһы көрөр, (Дьаакып санаатыттан-өйүттэн тахсыбат), (кини саҥарара, туттара барыта) сүрэҕин иһинэн киирэр буолан испитэ], [ону Хобороос бу Дьаакыбы таптыырбыттан эрбин абааһы көрөр буоллум диэн букатын санаабат] (173). Бу этии бастакы тутаах чааһа 2 туһаан чааһынан сырдатыллар, манна салаа чаастар Хобороос эрдээх олорон Дьаакыбы таптаабыта арыллар, иккис тутаах чааска Хобороос тугу өйдөөбөтө, ол тоҕо өйдөөбөтүн төрүөтэ биир субъектаах полипредикативнай этиилэринэн арыллар (салгыы этии искиэмэтин көр):
УТБХЭ туттуллуутун көрүөҕүҥ.
УТБХЭ араастарыттан А.И. Софронов утуу-ситим тииби ордук сөбүлээн туттар:
3. УТБХЭ тиибинэн наарданыыта
Салгыы холобурдарга көрүөҕүҥ:
Утум-ситим тиип сэттэ этиигэ туттуллар. Холобур:
- (Чэ, арахсыам эрэ кэрэх), (хайаан да кини ылыа диэн) [Дьаакыпка сүрдээх кытаанахтык эрэнэ санаата] (173).
- (Быһыыта, үксэ бэйэбиттэн Хоборооһум кыйаханар диэн) (хас да күн ааттаһа былаан үчүгэй буола сатаата да), [Хобороос илэҥ-салаҥ буолан кэлбэтэ] (174).
Калашникова Г.Ф. бу тииби дириҥник өтөн киирэргэ туттуллар диэн быһаарар, утум-ситим тииптээх УТБХЭ-ҕэ салаа чаастар бэйэ-бэйэлэрин арыйсан иһэллэрин бэлиэтиир: «Имеет свойство передавать обобщенное значение уточнения (для „кусочка“ действительности) признаков вглубь» [3, с. 45].
Биир уустаах УТБХЭ Алампа «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» кэпсээҥҥэ түөртэ туттуллар. Холобур:
- [Кыыһы көрөөт, (сүрэҕэ хамсаата), (хаана сирэйигэр ыгылларга дылы гынна)] (168).
- [Уйбаан (уҥуоҕа кус босхо барыар), (хаана чабырҕайыгар ыгыллан тахсыар дылы) кыыһырда дуу, абаланна дуу, бэйэтэ да быһаарбакка, саҥата суох туран хаалла] (176).
- [Уйбаан даҕаны хайдах эрэ супту ыараан, саҥарбат-иҥэрбэт, санаата хараастар, (тyox эрэ суоҕун), (туох эрэ сатамматаҕын курдук) буолан хаалта] (169).
Биир уустаах УТБХЭ-лэри туттан ааптар сүрүн дьоруой ис туругун көрдөрөр. Бу этиилэр хос-хос туттуллан, этии экспрессиятын күүһүрдэн биэрэллэр. Ол курдук, бастакы этиигэ кэпсиирэ салаа чаастарынан, иккискэ – кээмэй салаа чаастарынан, үһүскэ – буолуу салаа чаастарынан дьоруой ис туруга арыллан, дьапталҕаланан иһэр.
Биир ууһа суох УТБХЭ холобурдарын көрөбүт:
- (Балаҕан муус түннүктэрэ саҥардыы балык миинин курдук боролуйа сырдаан эрдэхтэринэ), [Уйбаан, саҥата суох оронуттан туран, (бэҕэһээ киэһэ холумтаныгар күлүнэн көмпүт) уоттаах чохторун хардаҕас төбөтүнэн арыйа-арыйа, мас оттон, тымтыгынан күөдьүтэн, үрэн сирэлиттэ] (166).
- [Уйбаан (судьуйаны көннөрү киһи эрдэҕинэ) көрөрө, өссө кыратык биссэрэ да, киһини киһи курдук саныыра, оттон билигин туох да кэмэ суох куттана, дьулайа көрдө,] (мэктиэтигэр уҥуоҕа хамнаата) (177-178).
Булкаас УТБХЭ-нэн Алампа сүрүн дьоруойу, Хоборооһу ойуулуур. Манна ааптар күлэрэ-оонньуура, сарказма иһиллэр: [Кини ойоҕо Хобороос уһун ньылбаан сирэйдээх, сыыйа тарпыт курдук көнө уҥуохтаах, арыы саһыл хааннаах, (ситэ үчүгэй буолуоҕун) — (хараҕа кыра соҕус хоһуой), (ити кэннэ кыараҕас буолан), (бу дьүһүнүнэн үчүгэй дьахтар сылдьар ээ) (дэппэт дьахтар этэ да), (мунна-уоһа уурбут-туппут курдук нарын үчүгэй буолан), киһи иһигэр киирбэх] (167).
Хобороос мэтириэтэ сэттэ предикативнай узеллаах булкаас тииптээх УТБХЭ-нэн (манна биир ууһа суох уонна утум-ситим тииптэр туттуллубуттар) уустуктук ойууланар. Манна биир санаа этиллэн иһэн көтүрүллэр, иккис санаа эмиэ этиллэн иһэн утарынан солбуллар уо.д.а.
Маны таһынан бу кэпсээҥҥэ А.И. Софронов УТБХЭ-ни бысталаан (парцелляциялаан) туттара ураты экспрессияны биэрэр: Оронун оҥостон сытта да, уута букатын кэлбэтэ. Ол сыттаҕына, араас санаалар киирдилэр. Хайтах аан маҥнай ойох ылбытыттан, туспа дьиэ буолбутуттан ыла, хайдах Хобороостуун үчүгэйдик, эйэлээхтик, сүрэхтэринэн-быардарынан санаһан олорбуттара (178). Манна кэм уонна туһаан салаа чаастар парцелляцияланан, сүрүн дьоруой Уйбаан олоҕун эргитэ санаан муҥатыйарын чорботон бэлиэтиир. Салаа чаастар бысталаммыттара күүстээх экспрессияны үөскэтэр.
Онон, А.И. Софронов «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» кэпсээнигэр УТХЭ туттуллуутун чинчийии маннык түмүктэри биэрдэ: 1) туттуллуутунан БХЭ кэнниттэн иккис буолар (БХЭ – 18,6 %, УТХЭ – 12,7%, ТХХЭ – 5,9%); 2) УТБХЭ туттуллуутунан УТТХХЭ-ттэн икки төгүл элбэх (УТБХЭ – 8%, УТТХХЭ – 3,7%); 3) УТБХЭ, УТТХХЭ этиилэрин чаастара үксүн үс чаастан тураллар, сэттэ чаастаах этии УТБХЭ-ҕэ бэлиэтэннэ; 4) ааптар УТТХХЭ-ҕэ бастакы тиибинэн, УТБХЭ-ҕэ утум-ситим тиибинэн ойуулаан суруйара бэлиэтэннэ; 5) УТБХЭ парцелляцияланыыта күүстээх экспрессияны биэрэр.
Жирохова Наталья Андреевна, Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн М-ЯНРФ-19 магистрана
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт, Дьокуускай к.
Туһаныллыбыт литература:
- Грамматика современного якутского литературного языка. Синтаксис. – Новосибирск: Наука; Сибирская издательская фирма РАН, 1995. Т.2. – 336 с.
- Закиев М.З. Синтаксис / Татарская грамматика. В III томах. – Казань: Татар. книж. изд-во, – 576 с.
- Калашникова Г.Ф. Многокомпонентные сложные предложения в современном русском языке. – Харьков: Вища школа. 1979. – 160 с.
- Прокопьева А.К. Многочленные сложные предложения в прозаических произведениях якутских писателей // Известия Российского государственного педагогического университета имени А.И. Герцена №152: Рецензируемый научный журнал. – СПб., 2012. – С. 105-113.
- Софронов А.И. Айымньылар / Анемподист Софронов; [редкол.: А.К. Акимов уо.д.а.] – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 448 с. (Саха литературатын классиктара)
- УбрятоваЕ.И. Исследования по синтаксису якутского языка. Сложное предложение. – Новосибирск: Наука, 1976. Ч. II. – 603 c.
- Усманова Е.Г. Сложные многочленные предложения в прозе Чехова: на материале рассказов и повестей 1890-1900-х годов: дисс. … канд. филол. наук: 02.01 / Елена Георгиевна Усманова. – Магнитогорск, 2001. – 253 с.
- Уханов Г.П. Сложные предикативные (многокомпонентные) предложения. Учебное пособие. – Калинин: КГУ, 1981. – 88 с.