"Алаас оҕолоро" бэстибээл саха фольклорун таптааччылары түмтэ

Бэстибээлгэ Абый, Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Томпо, Кэбээйи, Орто Халыма, Өлөөн, Эдьигээн, Ленскэй, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Усуйаана, Ньурба, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан, Амма, Таатта, Нам, Хаҥалас улуустарыттан, Дьокуускайтан барыта 745 оҕо кытынна. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба коллеһын методиһа Василий Бачьев иһитиннэрдэ.


«Дуорааннаах тэрээһин РФ культура үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ үөрэҕирии туйгуна, Дьокуускайдааҕы култуура коллеһыгар «Этнохудожественнай айымньы» хаапыдыраны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Афанасий Семенович Федоров төрөөбүтэ 75 сааһыгар ананна. Түһүлгэ норуот тылынан айымньытын, үгэһин, ырыатын кэнчээри ыччакка иҥэрэр, кинилэри үөрэтэр-такайар, тарҕатар, бу хайысханан дьарыктанар кэллэктииптэр, ансаамбыллар үлэлэрин бөҕөргөтөр, айар үлэ абылаҥын өйүүр сыаллаах-соруктаах тэрилиннэ. Күөн күрэскэ олоҥхону 45 оҕо соҕотоҕун толордо, бөлөҕүнэн – 14 кэллэктиип кытынна. Чабырҕаҕы 18 үөрэнээччи соҕотоҕун аахта, бөлөҕүнэн – 26. Үгэни соҕотоҕун ааҕааччы — 13, бөлөҕүнэн – 1. Норуот ырыатын 49 о5о ыллаата, бөлөҕүнэн – 28. Соҕотоҕун тойуктааччы – 32, бөлөҕүнэн – 5. 22 кыттааччы со5ото5ун хомустаата, бөлөҕүнэн – 15. Сиэр-туом үҥкүүтүн 3, сиэр-туом толоруллуутун 2 бөлөх көрдөрдө», — диир Василий Афанасьевич.

Куонкуруһу «Этнохудожественнай айымньы» салаата көҕүлээтэ. Афанасий Федоров баһылыктаах дьүүллүүр сүбэҕэ култуура уонна ускуустуба коллеһын преподавателлэрэ Георгий Сергучев, Мария Боппоенова, Михаил Винокуров, Александра Васильева, Оксана Сундупова, Дария Муксунова, Роман Габышев, Галина Лыткина, Василиса Мыреева, Сардаана Харитонова үлэлээтилэр.

Түмүккэ лауреат, дипломан уонна муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын ылбыттарга махтал суруктар, өйдөбүнньүк бириистэр туттарылыннылар. Чурапчы Чакырыттан бэйэтин олоҥхотунан кыттыбыт Настя Алексеева (сал. З.Алексеева) Афанасий Федоров анал бирииһигэр тиксэн улаханнык үөрдэ.

This post was published on 31.03.2016 15:38 15:38