“Алаас хотуттара” Мүрү элбэх оҕолоох ийэлэрин түмэллэр

Уус Алдан Мүрү нэһилиэгин элбэх оҕолоох ийэлэрэ Саха академическай драматическай тыйаатырын кэлэктиибигэр, улуустааҕы “Арассыыйа ийэлэрэ” түмсүү салайааччытыгар М.Ф.Федотоваҕа, ийэлэри сылаас массыынатыгар тиэйэн киллэрбит элбэх оҕо аҕатыгар Л.Л.Стрекаловскайга махтанан суруйбуттара кэллэ.


— Биһиги, тыа сирин элбэх оҕолоох ийэлэрэ, санаатахпыт ахсын Дьокуускайга киирэрбит, тыйаатырга сылдьарбыт кыаллыбат. Уопсастыбаннай үлэбит өйөбүлүнэн, көмөтүнэн бу курдук үөрүүбүтүн үксэтиэхпитин сөп, — дэһэллэр. Ийэлэр Дьокуускайга киирэннэр Саха академическай драматическай тыйаатырыгар «Төлкө» испэктээкили астына көрбүттэрин, тыйаатыр мусуойугар ыалдьыттаабыттарын, артыыстары көрсөн сэһэргэспиттэрин, хаартыскаҕа бииргэ түспүттэрин үөрэн-астынан этэллэр. “Санаабыт көтөҕүллэн, күүс-уох эбиллэн кэллибит. Билигин мантан тэптэн уопсастыбаннай үлэҕэ өссө кыһаллан түсүһүөхпүт”, — дэһэллэр.

Бу ийэлэр Мүрү нэһилиэгинээҕи “Алаас хотуна” диэн элбэх оҕолоох ийэлэр түмсүүлэригэр сылдьаллар. Түмсүүлэрэ бастаан Екатерина Михайловна Бочкаревасалайыытынан 2008 сыллаахха тэриллибит. 2016 сылтан Валентина Николаевна Шадрина илиитигэр туттарыллыбыт. Манна биэстэн элбэх оҕолоох 13 ийэ баар. Валентина Николаевна салгыы үлэлэрин туһунан сырдатар.

— Биһиги түмсүүбүт этии киллэрэн, Мүрү нэһилиэгэр балаҕан тутуллубута. Ол бары түмсүүлэр мусталларыгар, тэрээһиннэр ыытыллалларыгар улахан көмөлөөх.   

Маны сэргэ, былырыын элбэх оҕолоох аҕалары кытта сүбэлэһэн эр дьон түмсүүтүн тэрийбиппит. Саас икки түмсүү көмөлөөн 10 массыына уокка оттор маһы бэлэмнээбиппит. Бу мастары соҕотох ийэлэргэ, соҕотоҕун олорор кырдьаҕастарга киллэттэрбиппит.

Сотору бу саҥа түмсүү эр дьон алгыһын оҥоруохтаах. Билигин онно бэлэмнэнэллэр. Итини таһынан, эдэр ыччаты, оскуола саастаах уолаттары барыларын түмэ тардан, далааһыннаах хамсааһыннары оҥоруохтара диэн эрэлбит улахан.

Сааскы бырааһынньыгы көрсө, “Дьахтар сирдээҕи олоҕу киэргэтэр” бырагыраамабыт чэрчитинэн, элбэх оҕолоох ийэлэргэ үгэс буолбут куонкуруспут ыытыллыахтаах. Манна аан бастаан ийэ кыыһынаан, былырыын ийэ сиэн кыыһынаан кыттыбыт буоллахтарына, быйыл элбэх оҕолоох ийэлэр оҕолорун кытта кыттыахтара.

Олунньу 11 күнүттэн саҕалаан сыл устатыгар элбэх оҕолоох үтүөкэн ийэлэргэ ыалдьыттааһын тэриллэр. Бу үлэбит сыала-соруга: дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буолар ыалга сылдьан хайдах көрүнэн, тэринэн олороллорун көрүү, сүбэлэттэрии. Манна аан бастакы көрсүһүүбүт Лукиннар алаһа дьиэлэригэр буолуоҕа. Ол курдук, 2017 сыл түмүгүнэн “Нэһилиэк бастыҥ уопсастыбанньыга” диэн үрдүк ааты алта оҕо ийэтэ Валентина Захаровна Лукина ылбыта. Валентина Захаровна саамай улахан оҕото 20-лээх, кырата алын сүһүөх кылааска үөрэнэр. Оҕолорун туһугар бу олус кыһамньылаах ийэ. Кини кэргэнэ барахсан тутан иһэн ситэ киллэрбэккэ хаалбыт дьиэтин Валентина бэйэтин күүһүнэн, сатабыллаахтык тэриниитинэн сүүрэн-көтөн, сыралаһан быйыл көһөн киирдилэр. Өссө тыа сиригэр толору хааччыллыылаах дьиэ дьэндэйдэ. Иллээх дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ уран тарбахтаах иистэнньэҥ, хаһаайка ааттааҕа. Дьиэ иһинээҕи малын-салын тутан-хабан, тупсаран оҥорбутун көрбүт эрэ сөҕөр. Таҥаһы-сабы тигэрин, ас-үөл амтаннааҕын астыырын көрүөххүт этэ! Кини тыа сиригэр олорор элбэх оҕолоох ийэ хайдах көрүнэн, дьаһанан олорорун кэпсиэҕэ, көрдөрүөҕэ, сүбэ-ама биэриэҕэ, — диэн кэпсээтэ Валентина Николаевна.

Кини маны сэргэ сылын ахсын өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллар акциялара, рейдэлэрэ, о.д.а. тэрээһиннэрэ тиһиктээхтик салҕанарын эттэ.

Таһаарыылаахтык үлэлиир “Алаас хотуна” түмсүү бэйэтин иһинэн тэриллибит хайысхалара да сэҥээриини ылыахтарын ылбыттар.

Ол курдук, «Тиэргэн» хайысха кыттыылаахтара саас эрдэттэн арассаада олордуутун туһунан сүбэлэрэ, үүнээйини олордуу саҕана атыылара-тутуулара, атастаһыылара, “Сибэккилэрин бырааһынньыга” болҕомтону тардыбыт. Маны сэргэ, «Ыраас түөлбэ күрэһин» иилээн-саҕалаан ыыталларыгар дьон-сэргэ сөбүлээн кыттар буолбут. Дьоҥҥо туһалаах маастар-кылаастары тэрийэллэрин, семинардары оҥороллорун кэтэһээччи элбээбит.

«Дьол уйата» хайысхаларыгар маастар-кылаастар, интэриэһинэй дьоннуун көрсүһүүлэр, хардарыта сүбэ-ама бэрсии сэҥээриини ылбыт. Варвара Федотовна Кривошапкина эппиэттиир батсаап бөлөҕөр 30 ийэ киирбит.

«Үтүө санаа ыллыга» улууска дьахтар хамсааһына тэриллибитэ 2019 сылга 95 сылын туоларынан тэриллибит. Бэлиэ даатаны көрсө сыл устата 95 үтүө дьыаланы оҥорорго сыал-сорук туроруммуттар. Ол үлэлэрин саҕалаан, тохсунньуга түөлбэлэригэр олорор кырдьаҕастарыгар ийэлэр “Арчы-Забота” хаһыаты сурутан бэлэхтээбиттэр.

«Эбээ оскуолата» урукку «Ытык сүбэлэрин» курдук үлэлиэхтээх-хамсыахтаах. Салайааччынан Анна Прокопьевна Бурнашеваны бары биир киһи курдук үөрэ-көтө талбыттар. Эбээлэр мустан доруобуйаны чэбдигирдииттэн саҕалаан былааннара кэҥээбит.

«Алаас хотуттара» саха итэҕэлигэр хайысхаланыахтарын, онно эдэр ыччаты уһуйуохтарын, үөрэтиэхтэрин баҕаралларын туһунан салайааччылара этэр. Былырыын Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа “Сырдык сыдьаай” түмсүү чилиэттэрин көрсөн бу туһунан кэпсэппиттэр, сүбэлэспиттэр. Итинтэн сиэттэрэн баҕа санааларын быйыл олоххо киллэрдэрбит дэһэллэр.

Кэпсэтиибит бүтүүтэ Валентина Николаевна уопсастыбаннай үлэтэ 1994 сыллаахха нэһилиэк дьахталларын Сэбиэттэригэр чилиэнинэн киириэҕиттэн саҕаламмытын этэр. Оччолорго олус үчүгэй салайааччыларга уһаарыллыбытыгар махтанар. Итиэннэ үлэлэрэ силис тардан сайдарыгар олук уурбут, оччолорго дьахталлар Сэбиэттэрин олус үчүгэйдик салайбыт, билигин Өнөргө олорор Любовь Дмитриевна Борисоваҕа, ити саҕана нэһилиэк баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбит, билигин үһүс көлүөнэ оскуолатын салайар Домна Николаевна Бурнашеваҕа, “Алаас хотунун” тэрийбит Екатерина Михайловна Бочкареваҕа уо.д.а. махтанар.

Элбэх оҕолоох ийэлэр бу курдук түмсүү тэринэн туһалааҕынан дьарыктана, олохторун сэргэхситэ, кэрэни, сырдыгы элбэтиһэ олороллоро кэрэхсэбиллээх.

This post was published on 08.02.2018 11:11 11:11