Алаһыай өрүс уутун таһыма Андрюшкино олохтоохторун долгутар

«Андрюшкиноҕа бу нэдиэлэҕэ Алаһыай эбэ уута эбиллэ турар. Бу дьону долгутар», — диир «Өлүөрэ суктула» МТ баһылыга Римма Макарова.


От ыйын 27 күнүн сарсыардатыгар Алаһыай өрүскэ уу таһыма сэттэ сантиметр эбилиннэ, онон 966 см буолла, кутталлаах бэлиэ 1000. Хас күн аайы уу 3-5 см эбиллэ турар.

Балаһыанньа Аллараа Халыма улууһун дьаһалтатын хонтуруолугар тутуллар, Өлүөрэ суктулугар ыксалаах быһыы-майгы үөскүүр кэмигэр толору бэлэм буолуу режимэ тутуһуллар.

Нэһилиэккэ атын эйгэҕэ үлэ тохтоло суох барар. Олохтоох ДЭС-1200 өрөмүөнүгэр икки киһи Дьокуускай куораттан кэлэн үлэлиир. Элбэх кыбартыыралаах Курилов аатынан уулусса 7 нүөмэрдээх дьиэтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи капитальнай өрөмүөн бырагырааматынан оҥоһуллар. Бу уулусса 2 нүөмэрдээх дьиэтигэр хоруобуйата өрөмүөннэммитэ.

Баһылык Римма Макарова иһитиннэрбитинэн, наадалаах бородууктанан олохтоохтор хааччыллыбыттар. Ол ыйын 31 күнүгэр Якутоптторг тэрилтэ «күөх рейсин» күүтэллэр.

Үөрэх управлениетын начальнига Наталья Прокопьева этэринэн, 20-тэн тахса оҕо төрөппүттэрин кытта Дьокуускайга барбыттар, үс оҕо Сочига сынньаммыттар, өссө үс атырдьах ыйын 17 кһнһгэр онно көтөөрү бэлэмнэнэллр.

This post was published on 27.07.2017 12:12 12:12