Дьокуускайга «Идэ — олох» диэн медицина эйгэтин эдэр исписэлиистэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус буолла. Кыайыылааҕынан Саха сиринээҕи Перинатальнай киин акушер-гинеколога Мария Прохорова таҕыста.
Акушер-гинеколог «Школа матери и ребенка» бырайыагынан кытынна, суруйар СИА.
«Куонкурус сүрүн критерийа – бырайыак доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр социальнай суолталаах буолуохтаах. 2016 сыллаахха ыытыллыбыт куонкуруска анестезиолог-реаниматолог оҕо анестезиологиятыгар мобильнай сыһыарыы оҥорон кыттыбыта, кини бастаабыта», — диэтэ куонкурус тэрийээччитэ, Нам киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев.
Быйыл барыта 50 сайаапка киирбититтэн, финалга 11 кыттааччы таҕыста.
Сүрүн бириис – кыайыылаах бэйэтэ талыытыгар Россия куоратын үөрэҕин кыһатыгар квалификацияны үрдэтии.
This post was published on 27.03.2023 12:01 12:01