Экодухуобунас диэн саха үөрэҕин туох баар муудараһын хабар научно-дидактическай концепция буолар. Кини айылҕаны кытта ыкса ситимнээх. Киһини, айылҕаны уонна обществоны ситимниир кыахтаах.
“Айылҕабытын 100-200 сыл иһигэр тэпсэн, буортулаан кэбистибит. Айылҕаны кытта атааннаһыыбыт күүһүрдэ. Технократическай сайдыы үүнэн экологическай өй-санаа умнуллан барда. 2021 сыллаахха аан дойдутааҕы 180 государство волонтердара мустаннар кэпсэтии буолбута, онно технократическай обществоттан айар-тутар обществоҕа көһүөххэ диэн сүбэлэспиппит. Киһи биологическай саппааһынан учуонайдар этэллэринэн 140-150 сааһыгар дылы олоруохтаах. Онон биһиги экодухуобунаспыт дириҥ философиялаах үөрэх буолар”, – диир Иоган Максимов.
Биһиги Дьокуускай куорат Антонина Гаврильевна уонна Николай Константинович Чиряевтар аатарынан национальнай гимназията, бу XIX учууталлар, педагогтар дьаарьаҥкаларыгар саҥа сонун бырайыагын илдьэ кэллибит. Иитии бырайыага Кут Дабаан сайдыы үөрэҕэ диэн. Бу Кут Дабаан сайдыы үөрэҕин ааптара биһиги биир дойдулаахпыт, атомщик учуонай, физик Иоган Егорович Максимов педярмаркаҕа анаан-минээн кэлэ сылдьар. Иитии бырайыакпытыгар биһиги «Айыы тыла, ойуу тыла» Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус философиятын уонна дьиэ кэргэн педагога “Ыал үөрэҕиттэн» кинигэлэр ааптара Любовь Семеновна Аргунова бу үс киһини ситимнээн сайдыы үөрэҕэ диэн проектпытынан кыттабыт.
Педярмарканы ылан көрдөххө оскуолалар уонна уһуйааннар былырыын, иллэрээ сыл, онтон ааспыт сыл эмиэ кыттыбыт бырайыактарын илдьэ кэлэллэр эбит. Дьигинэ, манна саҥа, сонун буолуон наада диэммин этнопедагог быһыытынан кэтээн көрдүм. Уонна бу биһиги экодухуобунас площадкатыгар Иоган Егорович Максимов бэйэтэ наһаа үчүгэй бу үөрэх уонна иитии систиэмэтигэр хайдах алтыһан киириэн сөбүн ВУД чааһыгар уонна регинальнай национальнай компонент диэн чаастарга предметкэ алтыһыытын туһунан кыратык кэпсээтэ уонна экодухуобунас уруоктарын хас биирдии уһуйааҥҥа уонна уруоктарга учууталлар көрөн, тиэмэлэрин талан ВУД чааһын туһанан туран уруоктары, чаастары киллэриҥ диэн үөрэх министиэристибэтигэр сорудахтаата.
Татьяна Ильинична Жиркова – этнопедагог, суруйааччы, журналист
Билигин Макарова Вероника Егоровна – Үрүҥ Үйэҥ интервьютун ааҕыахха. Кини саха сирин эмтээх үүнээйилэрин хомуйааччы, үөрэтээччи.
– Аан бастаан эмтээх оту хомуйуунан хаһан дьарыктанан саҕалаабыккытый?
– Аан бастаан бэйэм эдэр ийэ буоламмын дикреттан саҕаламмыта. Оҕом ыалдьыбыта, аптека эмтэриттэн моһуогурар этэ. Айылҕа эттиктэнэн көмөлөһүннэриэххэ баар эбит диэн-өй санаа кэлбитэ.
– Эмтээх от туһунан кэпсээ.
– Эмтээх оту ыам ыйын 22 күнүттэн от ыйын 6 күнүгэр дылы хомуйаллар. Сахаларга ийэ сыты чугаһатыы диэн сиэр-туом баар эбит. Айылҕаҕа тахсан саха дьоно салама ыйыллар уонна эмтээх от хомуйарга улахан көҥүл ылаллар. Ыам ыйын 22 күнүттэн ньургуһун хомуйууттан саҕалаабыппыт. Сайын устата хатыҥ сэбирдэҕин, дьэдьэн, моонньоҕон сэбирдэҕин, дөлүһүөн хомуйдубут. Хомуйбут оппутун хас биирдии көрүҥүнэн харайдыбыт. Онно тус-туһунан быраабылалардаах. Араас сбордары оҥорон бэйэбитигэр тымныйыы кэмигэр туһаныахтаахпыт. .
– Бу үлэҕэр эйиэхэ саамай сөбүлүүрүҥ тугуй?
– Саамай интэриэһинэйэ диэн миэхэ айылҕалыын алтыһыы буолар. Айылҕалыын алтыстахха киһи ис-иһиттэн баар дьоҕурдара, геннай информацията уһуктан кэлэр. Ол аата эн искэр дьоҕурун, араас суоллар арыллан бараллар. Оччоҕуна айылҕа көмөтүнэн олоххор ситиһиилээх буолаҕын.
Инникигэ туох былааннааххын?
Инники былааммар тус бэйэм билбит-көрбүт билиибин түмэн сборник таһаарыахпын баҕарабын. Ол курдук, саҥа саҕалааччы киһиэхэ от хомуйарыгар туһалыахтаах. Бастаан хайдах хатарарыгар, харайарыгар күүс-көмө буолуохтаах. Кинигэбин былырыын саҕалаабытым.
Салгыы Варламова Александра Дмитриевна С.С. Яковлев — Эрилик Эритиин аатынан Чакыр орто оскуолатын учууталын «Эрилик ыллыга» суолун туһунан кэпсиирин истиҥ.
Текст: Ольга Халыева
This post was published on 28.06.2023 12:26 12:26