Айылҕа кэрэтэ: Хоро - Чаллыр суолугар туртаһы көрдүлэр

Хаартыска: Розалия Самсонова

Үөһээ Бүлүү улууһугар айанньыттар Хоро — Чаллыр хайысханан суолга туртаһы көрдүлэр. «Наһаа үчүгэй кэрэ көстүү», — диэн санааларын эттилэр.

«Бастаан ыраахтан ыт турар дии санаабыппыт. Туртаһын билэммит бытаарбыппыт. Барахсан соҕотох сылдьар курдук. Куттуохпут диэн массыынаттан тахсыбатыбыт. Түннүк нөҥүө хаартыскаҕа түһэрдибит», — диэн кэпсээтэ айанньыт Розалия Самсонова.

Айанньыттар хаар халыҥаатаҕына туртас барахсан хайдах тыыннаах хаалыан сөбүн кэпсэттилэр. Суоппар ааспыт кыһын Харбахта диэки элбэх туртаһы көрбүтүн кэпсээтэ. «Син үөрүн булсан сылдьар ини диэн эрэннибит», — диэтэ СИА-ҕа Розалия.

This post was published on 08.11.2024 13:05 13:05