СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ улуустарга баар инспекцияларын, кэмитиэттэрин кытта далааһыннаах, киэҥ хабааннаах үлэни тэрийэр үтүө үгэстээх. Олортон оскуола үөрэнээччилэригэр, дьиэ кэргэҥҥэ, нэһилиэнньэҕэ ананар куонкурустары киэн тутта ааттыахха сөп. Быйылгы күрэстэһиилэр хайдах салҕанан иһэллэрин туһунан, тустаах министиэристибэ пресс-сэкирэтээригэр Анна Налимоваҕа эрийэн ыйыталастыбыт.
Пресс-сэкирэтээр кэпсээбитинэн, Үөһээ Бүлүүгэ «Кэнчээри» диэн дьиэ кэргэн экологическай бырайыактарын улуустааҕы куонкуруһа сэргэхтик ааспыт. Тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа ыытыллар үлэни кэҥэтиигэ, ураты харыстанар сиргэ-уокка кыылы-сүөлү уонна үүнээйини харыстааһыҥҥа, айылҕаҕа сынньалаҥы тэрийиигэ, технологическай бырайыактарга анаммыт секцияларга нэһилиэктэртэн 28 үлэ киирбит. Госинспектор Максим Ильин киирбит үлэлэри көрөн-истэн баран, үөрэнээччилэр билэр-көрөр баҕалара улаатарыгар төрөппүттэр көмөлөрө, өйөбүллэрэ суолталааҕын бэлиэтээбит.
«Онтон Хаҥаласка төрдүс кылаас үөрэнээччилэрэ тулалыыр эйгэлэрин төһө билэллэрин тургутуу буолла. Куонкуруска Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатыттан «Эколята-1», 2-с №-дээх оскуолаттан «Хранители», Ой оскуолатыттан «Исследователи» хамаандалар кыттыбыттар. Күрэстэһээччилэр хоһоон аахпыттар, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаннаах сценкалары көрдөрбүттэр, кыылы-сүөлү үтүктэн хамсаныыны таайбыттар. Болҕомтону эрэйэр, билиини-көрүүнү тургутар оонньууларга көхтөөхтүк кыттыбыттар», — диир Анна Валерьевна. Күрэстэһии түмүгүнэн «Хранители» — бастаабыт, «Эколята-1» — иккис, «Исследователи» — үһүс буолбуттар. Тэрээһини «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын уонна улуустааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын үлэһиттэрэ тэрийбиттэр.
This post was published on 02.03.2016 16:34 16:34