«После Титров» эрэдээксийэ хамаандата 2023 сыл тохсунньутуттан бэс ыйыгар диэри прокакка тахсыбыт 50 киинэни көрдө, уон бастыҥы талла. Рейтиҥҥэ Степан Бурнашев «Айта» киинэтэ киирдэ.
««Чебурашка» Россия киинэ тыйаатырдарын дьадайыыттан быыһыыр, «Вызов» пафоһынан уонна продактплейсменынан кыынньыыр кэмнэригэр, саха киинэтэ бэйэтин үлэтин хаачыстыбалаахтык толорор. Үчүгэй жанрга киинэлэри таһаарар, бэйэтэ да көрөрүгэр киинэ көрөөччүлэргэ да кыбыстыыта суох сүбэлиир. «Айта» бастыҥ уобарас», — диэн «После Титров» комментарийыгар суруллар.
Степан Бурнашёв киинэтэ прокакка 26 мөл солк тахсаны оҥордо, онон лидердаата.