Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Уһук Илини сайыннарыыга национальнай бырагыраамаҕа киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ этиилэрин көрдө.
Айсен Николаев от ыйын 1 күнүгэр видео-конференц-сибээс эрэһиимигэр «Уһук Илин социальнай-экономическай сайдыытыгар миэрэлэр тустарынан» ыйааҕынан мунньах ыытта.
«Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус суолталаах докумуон. Былырыын Уһук Илини сайыннарыыга национальнай бырагырааманы оҥорууга күүскэ үлэлээбиппит. Балаҕан ыйыгар Судаарыстыбаннай Сэбиэт көрүүтүгэр бэриллибитэ. Ол кэннэ дойду президенэ Владимир Путин сорудаҕынан РФ бырабыыталыстыбата улахан үлни ыытта», — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, президент ыйааҕа Уһук Илин социальнай-экономическай сайдыытын 2024 сылга уонна кэлэр 2035 сылга диэри сыалын чопчулуур.