Бу сыл от ыйын 22 күнүгэр республикабыт Ил Дархана Айсен Николаев Таатта улууhугар үлэлээтэ.
Ил Дархан ыгым үлэ графигыттан быыс булан Саха Автономиятын тɵрүттээбит, норуот уола Былатыан Ойуунускай киинэ түспүт алааhыгар – Муҥха Дэлбэрийбиккэ ыалдьыттаата. Былатыан Ойуунускай мэӊэ өйдөбүнньүгэр тохтоон Айсен Сергеевич улууспут баhылыга Михаил Соровы, норуот суруйааччыта, Ойуунускай сиэн балта Елена Слепцова-Куорсуннааҕы кытта тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Салгыы Таатта эбэни туораан Былатыан Ойуунускай күөх сирэм алааhыгар үктэннилэр. Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, Таатта эбэни туоруур муостаны Ил Түмэн депутата Виктор Лебедев туттарбыта. Манна муоста эрэ буолбакка, салгыы киhи сынньанар муннуга, күн уотунан иитиллэр сырдык лаампалар туруоруллуохтара. Онон олоххо киирдэҕинэ ыалдыттарга күндү бэлэх буолуоҕа. Виктор Лебедев салгыы киэргэтии, саӊа тутуу хайдах барыахтааҕын Ил Дарханна көрдɵрдɵ.
Ыраахтан кэлбит ыалдьыттары Былатыан тɵрөɵбүт балаҕанын аал уота — кɵмүлүɵк оhох оттуллан үɵрэ-кɵтɵ кɵрүстэ. Сандалы тула олорон Елена Васильевна Былатыан Ойуунускай тɵрɵɵбүт сирин-уотун, балаҕанын туhунан кэпсээтэ, бэйэтин кинигэлэрин бэлэхтээтэ. Судаарыстыбаннас музейын сэбиэдиссэйэ Михаил Аржаков музейга улахан ɵрɵмүɵн үлэтэ ыытыллыахтааҕын, сэтинньи 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай тɵрɵɵбүтэ 130 сылын бэлиэтиир тэрээhиҥӊэ ыалдьыттата ыҥырда.
Светлана Халгаева, П.А.Ойуунускай аатынан музей үлэһитэ
This post was published on 24.07.2023 10:03 10:03