Айсен Николаев «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа старт биэрдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Айсен Николаев ахсынньы 3 күнүгэр «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа старт биэрдэ. Ил Дархан саҥа дьылы көрсө 4 саастаах, дьиэ кэргэн иитиитигэр көмө өрөспүүбүлүкэтээҕи киин иитиллээччитигэр Элизаҕа уонна №22-дээх коррекционнай оскуола иккис кылааһын үөрэнээччитэ Петяҕа баҕа санааларын толорон, бэлэх атыыласта.

«Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа Айсен Николаев сылын аайы кыттар, дьаһал аан бастаан 2015 сыллаахха буолбута.

«Үтүө үгэс, аахсыйа тохсус сылын ыытыллар. Тэрээһини мин өйүүр иэһим дии саныыбын. Оҕолорбутун үөрдүөхпүтүн наада. Быйыл кыыстаах уол оҕоҕо бэлэх ыллым, сөбүлүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Бу күннэргэ чугас дьоҥҥутугар, аймахтаргытыгар бэлэх ыла сылдьан, төһө кыах баарынан «Үтүө санаа Харыйатыгар» кыттыһыҥ диэн ыҥырабын, саҥа дьыллааҕы эриэккэс кэми оҕо барыта биллин», —диэтэ регион салайааччыта.

Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА

Аахсыйа ахсынньы 28 күнүгэр диэри ыытыллар. Улуустарга барытыгар маннык харыйа туруорулунна. Дьокуускайга «Бубль Гум» Кальвица уонна Дзержинскай уулуссаларыгар баар маҕаһыыннарыгар үлэлииллэр.

Аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыан сөп.

This post was published on 03.12.2024 17:03 17:03