Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтииринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ дойдуга технология өттүтүгэр инники күөҥҥэ сылдьыы дьоһуннаах боппуруос буолар. «Маннык көрсүһүүлэргэ туруоруллубут сыал-сорук, турбут боппуруостар уонна кыһалҕалар тустарынан аһаҕас кэпсэтии барыбытыгар олус диэн оруннаах. Бу маны барытын быһаарыахха, ыарахаттары туоруохха наада. Онон форум биһиги сүрүн сыалбытыгар-сорукпутугар көмө буолуо диэн эрэнэбин. Технология сайдыытыгар лиидэр буолуу судаарыстыба, биисинэс уонна билим биир кэлим үлэлээтэхтэринэ эрэ ситиһиллэр сыал», — диэн Айсен Николаев форум түмүгэр эттэ.
Ил Дархан бэлиэтииринэн, форумҥа РФ бэрэсэдьиэнин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Максим Орешкин, РФ экономическай сайдыытын миниистирэ Максим Решетников, РФ үрдүк үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Валерий Фальков, ону тэҥэ министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ технологияҕа лиидэр буолууга сөптөөх боппуруостары дьүүллэстилэр.
Айсен Николаев СВО-ҕа анаан оҥоһуллубут тиэхиньикэни нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга туттар туһунан киирбит этиигэ бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
«Бу олус диэн наада. Биһиги дойдубут кыайыыны ситиспитин кэнниттэн, оҥоһуллубут саҥа тэриллэри, ол курдук, пилота суох аппараттары уонна да атыны дьон-сэргэ туттар гына көхтөөхтүк үлэлиэххэ наада. Бу олус диэн сөп этии. Бүгүҥҥү күҥҥэ буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо туттуллар хаарынан, кутанан айанныыр массыыналары, электрическэй матассыыкыллары анал байыаннай дьайыыга саҥардан баран байыастарбытыгар өйөбүл быһыытынан ыытабыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Форуму «Деловая Россия» бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ уонна Россия инновационнай регионнарын ассоциацията тэрийдилэр.
This post was published on 11.11.2024 12:04 12:04