Айсен Николаев: «Саха сирин олохтоохторо дойду көмүскэлигэр тулуурдаахтарын көрдөрдүлэр»

Саха сирин олохтоохторо сомоҕолоһон дойду көмүскэлигэр геройдуу быһыыны, тулууру көрдөрдүлэр, Донбасска эйэлээх олоххо олорооччуларга геноциды тохтотууну наадалааҕынан аахтылар. Билигин сүрүн соругунан байыаннайдары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн буолар. Бу туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал этиитигэр бэлиэтээтэ, суруйар СИА.

«Судаарыстыбаҕа куттал суоһаабыта — Россия президенин ыарахан, ити эрээри сөптөөх быһаарыыны ирдээбитэ. Биһиги бары өйдүүбүт, биһиги дойдубут арҕааҥы кыраныыссаларыгар барар охсуһуу — бу биһиги инники олохпут иһин охсуһуу. Бу охсуһууну тулуурдаахтык туорааһын уонна кыайыы — биһиги аҕа көлүөнэбитигэр уонна инники кэскиллэрбит иннигэр ытык иэспит. Бу маны биһиги өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах историятынан көрөбүт. Үйэ суоллаах Саха сирин дьоно ыарахан кэмнэргэ сатаан сомоҕолоһор , тулууру-дьулууру, байыаннай дьыалаҕа, үлэҕэ героизмы көрдөрөр кыахтаахтар, дойдуларыгар бөҕө тирэх буолаллар, өссө күүһүрэн, эрэллэнэн. Биһиги дьоммут Донбасска эйэлээх дьоҥҥо геноциды тохтотуу наадатын этэн, Россия көмүскэлигэр турбуттара», — диэтэ Ил Дархан.

Мүнүүтэ сөҥүөрэн турдубут.

Сиһилии https://ysia.ru/ajsen-nikolaev-yakutyane-proyavili-geroizm-i-vyderzhku-vstav-na-zashhitu-budushhego-strany/

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

This post was published on 19.12.2022 12:58 12:58