Дьону саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах боппуруоһун олоххо киллэриини, ону тэҥэ Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтин иһэр уунан хааччыйыыга водозабору тутууну Саха Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэни сайыннарыыны хааччыйыыга суһал ыстаап президиумун мунньаҕар дьүүллэстилэр. Мунньаҕы Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ыытта диэн Саха сирэ суруйар.
2019 с. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит “Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” нацбырайыагынан дьону саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраамата ыытыллар. Штаб кыттыылаахтара эһиил көһөр дьоҥҥо саҥа кыбартыыра бэриллиэхтээх Звезднай түөлбэҕэ саҥа сэттэ дьиэни тутуу уонна коммуникацияларга холбооһун боппуруостарын көрдөрдүлэр. Бу национальнай бырайыагынан Сунтаарга ыстаансыйаны тардыыга тэрили таҥаллар. Онон 11 тыһыынча киһи иһэр уунан хааччыллар кыахтаныаҕа.
“Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин бары салааларыгар тэрилтэлэр туруктаах үлэлэрин хааччыйыы үлэтин салгыахтаахтар, судаарыстыбаннай хантараактарынан эбэһээтэлистибэлэри толорууга бэдэрээтчит тэрилтэлэр эппиэтинэстэрин үрдэтиэххэ”, — диэтэ Айсен Николаев.
Суһал ыстаап президиумун мунньаҕар эрэгийиэн экэниэмикэтин үрдүүрүн ситиһиигэ туһуламмыт быһаарыылары ылынна.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
This post was published on 22.11.2023 16:36 16:36