Былырыын Саха сиригэр судаарыстыбаннай сулууспалаахтар ахсааннарыттан 8%-н курдук көҕүрээбитэ. Чунуобунньуктар ахсааннарын аҕыйатыы салҕанан барыа. Регион баһылыга Айсен Николаев социальнай ситимнэргэ быһа эфир кэмигэр бу туһунан эттэ.
«Судаарыстыбаннай сулууспалаахтар ахсааннарын аҕыйатыы дойду үрдүнэн ыытыллар. Нуорманан үбүлээһин киллэриллэр, онон судаарыстыбаннай сулууспалаахтар ахсааннарын тэҥнээһин ол чэрчитинэн ыытыллар. Бу министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ үлэлээччилэргэ, муниципальнай сулууспалаахтарга туһаайыллар. Судаарыстыбаннай соруктары көдьүүстээхтик толорууга дьаһал салҕанан барыа«, — диэтэ Ил Дархан.
2018 сыллаахха Айсен Николаев судаарыстыбаннай былаас толоруулаах уоргаттарын тутулун туһанан ыйаахха уларытыылары киллэрбитэ. Ол түмүгэр бырабыыталыстыба структурата уларытыллан, 174 былаас үлэһитэ тохтообута, бу 7,8% тэҥ.
2020 сылтан Россияҕа судаарыстыбаннай салайыы эйгэтигэр реформа саҕаланыахтаах, ити судаарыстыбаннай сулууспалаахтар «аармыйаларын» өссө бэрээдэктиэҕэ.