Ил Дархан Айсен Николаев «өрөспүүбүлүкэ быраастарын 17,2 %-нын аҕыйатар туһунан сурах сымыйа буолар» диэн эттэ. Маннык иһитиннэрии Россия доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин аатыттан тахсыбыта. Бу туһунан «Интерфакс — Уһук Илин» суруйар.
«Техническай алҕас тахсыбыт дии саныыбын. Саха сиригэр быраас ахсаана аҕыйыа суоҕа. Төттөрүтүн быраас миэстэтин элбэтэр үлэ ыытыллар», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Бу иннинэ дойду премьер-миниистирэ Татьяна Голикова Саха сиригэр нэһилиэктэри бырааһынан хааччыйыы Россия үрдүнэн 5-с миэстэҕэ, онтон Уһук Илиҥҥи регионҥа 1 миэстэҕэ сылдьарын туһунан бэлиэтээбитэ.
СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин көрдөрүүтүнэн бүтэһик үс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ быраастарын ахсаана элбээбит диэн этиллэр.
«2017 сылы кытары холоотоххо быраас миэстэтин ахсаана 155-нэн эбиллибит. Ону тэҥэ балыыһалар толору хааччыллыылара үрдээбит. 2017 сылга бу көрдөрүү 75,1 %-ҥа тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, 2018 сылга 76,2% буолбут, онтон 2019 сыл алтынньы 1 күнүгэр 76,7 %-ҥа тэҥнэспит», — диэн СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Егор Прокопьев эттэ.
2019 сыл алтынньы 1 күнүн көрдөрүүтүнэн, Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр 6487,5 быраас дуоһунаһа бигэргэтиллибит, уопсайа 4990 быраас үлэлии сылдьар, олортон 2604 бастакы сүһүөх медико-санитарнай көмө өҥөтүн оҥорор диэн бэлиэтэнэр.
Россия дойду харыстабылын министиэристибэтэ сонуну киэҥник көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр нөҥүө «Саха сирэ дойду үрдүнэн быраас ахсаана аҕыйааһынынан биир бастакы көрдөрүүлээх» диэн иһитиннэрбит (17,2%). Маннык көрдөрүү дойду 54 регионугар бэлиэтэммит. Биир бастакынан Новосибирскай, Томскай уонна Кемеровскай уобаластарга, ону тэҥэ Бурятияҕа диэн эппит.
Ол кэнниттэн дойду харыстабылын министиэристибэтэ бу көрдөрүү чахчы «Техническай алҕастан» тахсыбытын бигэргэттэ. Саха сиригэр быраас ахсаана аҕыйааһына инники этиллибиттэн кыра диэн бэлиэтээтэ. Ону таһынан, көрдөрүү дойду 54 регионугар буолбакка, 55 регионугар көстүбүтүн бэлиэтээтэ.
This post was published on 01.11.2019 12:11 12:11