Айсен Николаев: «Саха сирэ президент өйөбүлүнэн көхтөөхтүк сайдар»

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин сайдыытыгар күүстээх хамсааһын Россия президенин өйөбүлүн кытта сибээстээх. Владимир Путин өрөспүүбүлүкэҕэ дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар улахан болҕомтотун уурар, региоҥҥа элбэх национальнай бырайыак үлэлиир, саҥа эбийиэктэр тутуллаллар, хаарбах дьиэттэн дьон саҥа дьиэлэргэ көһөллөр, диэтэ бэҕэһээ «Прямая линия» быһа холбонууга Ил Дархан Айсен Николаев.

«Кэнники сылларга Саха сирэ түргэн тэтиминэн сайдар, онно олохтоохтор президент күүстээх өйөбүлүн билэллэр. Элбэх социальнай эбийиэк, медицина киинэ, култуура, спорт дьиэлэрэ үлэҕэ киирдилэр. Суоллар тутуллаллар. Дойдуга ханна да суох түргэн тэтиминэн дьон хаарбах туруктаах дьиэттэн саҥа дьиэлэргэ көһөрүллэр. Билигин саҥа быһаарыылар ылыллаллар, 2030 сылы уонна онтон салгыы сыллары эрэллээхтик көрөбүт», — диэтэ Айсен Николаев.

Маннык өйөбүл регион олохтоохторун болҕомтотун ылар, ону Саха сирэ судаарыстыба баһылыгын быыбарыгар көрдөрдө. Санаттахха, Владимир Путин иһин куолас — 87,79% ылбыта.

This post was published on 26.04.2024 10:01 10:01